Василий Егоров - Биһиги Аан Дархаммыт

Биһиги Аан Дархаммыт
Название: Биһиги Аан Дархаммыт
Автор:
Жанр: Биографии и мемуары
Серии: Нет данных
ISBN: Нет данных
Год: 2011
О чем книга "Биһиги Аан Дархаммыт"

Айымньы Саха Республикатын бастакы президенин оҕо уонна оскуолатааҕы сааһын, студенныыр кэмин, республиканы салайбыт сылларын уонна билиҥҥи кэмнээҕи үлэтин-хамнаһын докумуоннарга, кини бэйэтин этиилэригэр, кинигэлэригэр, дьон кэпсээннэригэр, ахтыыларыгар олоҕуран ырытан көрүү быһыытынан сурулунна. Ону таһынан Михаил Николаев президеннээбит ааспыт үйэ тиһэх уон сылларыгар барбыт күүрээннээх реформаларга даҕатан бүгүҥҥү олохпутугар тахса турар тыҥааһыннаах уларыйыылар тула барар мөккүөр, уустук быһыы-майгы көрдөрүллэр.

Саха Республиката тэриллибитэ 90 сылын уонна М.Е. Николаев 75 сааһын көрсө тахсар.

Бесплатно читать онлайн Биһиги Аан Дархаммыт


Билиҥҥи кэм бэлиэ айымньыта

Бу Саха Республикатын бастакы президенэ М. Е. Николаев туһунан иккис төгүлүн уус-уран хабааннаах кинигэ суруйан холонуу буолар. Маҥнайгы кинигэни социологическай наука доктора, профессор, биллиилээх общественнай деятель Ульяна Винокурова талааннаахтык суруйан турар.

СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, республика оҥорон таһаарар эйгэтигэр Государственнай бириэмийэ лауреата, общественнай деятель, геолог идэлээх Василий Назарович Егоров-Тумарча «Биһиги Аан Дархаммыт» диэн киэҥ ис хоһоонноох, дириҥ эҥсиилээх уус-уран хабааннаах историческай-документальнай кинигэни суруйбута олус кэрэхсэбиллээх. Айымньыга Михаил Ефимович оҕо уонна оскуолатааҕы сааһа, студенныыр кэмэ, республиканы салайбыт сыллара уонна билиҥҥи кэмнээҕи үлэтэ-хамнаһа киэҥник сырдатыллан суруллар. М. Е. Николаев, государственнай деятель, республика салайааччыта эрэ курдук буолбакка, киһи быһыытынан ааҕааччыга чугаһатыллан көрдөрүллүбүтэ айымньы биир сүрүн күүстээх өрүтүнэн буолар.

Кинигэ наҕылыччы уһун кэмҥэ чахчы ис сүрэхтэн кыһаллан-мүһэллэн суруллубута көстөр. М. Е. Николаев туһунан кинигэни суруйуу дэбигис дьыала буолбатах. Кини үлэлиир бириэмэтэ Советскай Союз курдук улуу держава эстэр, дьон-сэргэ хамнас ылбат, аһыыр-таҥнар да кыаҕа суох, саамай ыарахан, уһун кэмнээх финансовай-экономическай кризис кэмигэр түбэспитэ. Автономнай республика таһымын саҥа кэрдиискэ таһааран урут ким да тэлбэтэх аартыгын арыйан суол солуур, дьиҥнээх государство тутулун тутар, бөҕөргөтөр, киин былааһы кытары саҥа, тэҥнээх сыһыаны олохтууру ситиһэр манан аҕай дьыала буолбатах этэ. Тумарча М. Е. Николаевы кытта бэрт элбэхтик сэһэргэспитэ, олоҕун-дьаһаҕын сыныйан үөрэппитэ, үлэтин-хамнаһын кытта билсибитэ, элбэх айымньыларын ааҕан ырыппыта, докумуоннары хостоон үөрэппитэ көстөр.

Айымньы историческай-документальнай өттүн ылан көрөр эбит буоллахха, М. Е. Николаев Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин салайа олорон, онтон икки болдьоххо президенинэн талыллан баран Россияны кытта бас билиини тыырсыыга сүҥкэн үлэни ыыппыта. «АЛРОСА» сабыылаах акционернай компанияны тэрийэн, онтон кэлэр үп-харчы республикаҕа хааларын ситиһэн, онно тирэҕирэн Россия да үрдүнэн сэдэх улахан тутуулары ыыппыта. В. Егоров-Тумарча Федеративнай дуогабары түһэрсиигэ Михаил Ефимович Б. Н. Ельцини кытта атах тэпсэн олорон республикалар государство диэн ааттаныахтаахтарын, бас билиилээх буолуохтаахтарын быһаарсыытын, Саха Республикатын Россия Федерациятын иһинэн суверенитетын Декларацията, бастакы Төрүт сокуона ылыныллыытын туруулаһан хайдахтаах курдук эриирдээх кэпсэтиилэри ыыппытын туһунан кырдьыктаахтык олус бэркэ табан суруйбут. 2001 сыллаах президени быыбардааһын политическай эриирдэрин-мускуурдарын, билигин Россия Федерациятын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буоларын быһыытынан республикатын туһугар араас хайысхалаах үлэни оҥорорун, Россия уонна аан дойду таһымыгар элбэх судаарыстыбаларга Россия делегациятын салайан илдьэ сылдьан элбэх этиилэри киллэрэрин, кэпсэтиилэри ыытарын эмиэ сырдатар. Ол иһигэр суруйааччы республика билиҥҥи духовнай, культурнай, экономическай сайдыыларын боппуруостарыгар тус бэйэтин санааларын, көрүүлэрин эмиэ киллэрбит.

Саха биир биллиилээх суруйааччыта Василий Егоров-Тумарча «Биһиги Аан Дархаммыт» диэн айымньыта уус-уран хабааннаах историческай-документальнай кинигэ буолан тахсыыта саха омук духовнай, культурнай, идейнэй сайдыытыгар өрө дабайыы өссө биир бэлиэ кэрдииһинэн буолар.

Макар Яковлев,

СР бастакы президенин сүрүн көмөлөһөөччүтэ,

юридическай наука доктора, профессор,

Российскай Федерация үтүөлээх юриһа,

Россия прокуратуратын бочуоттаах үлэһитэ,

ССРС уонна Ил Түмэн маҥнайгы ыҥырыыларын

народнай депутата

Биһиги аан дархаммыт

Пролог

Айгыр-силик айылҕа эгэлгэлээх эйгэтин тыынар тыыннааҕын биһигэ атааннаах-мөҥүөннээх Орто Аан Ийэ Дойду айылгылаах далбара Күн Сирэ аатыран айыллыбыта, наукаҕа биллэринэн, биэс миллиард кэриҥэ сылга тэҥнэһэр. Бу үлүгэрдээх санаан көрөн санаа тиийбэт быралҕан мындаа кэм усталаах-туоратыгар Сир Ийэ тас көрүҥэ, быһыыта-таһаата хайдах уларыйан, дьүһүн кубулуйан бүгү күннээххэ тиийэн кэлбитин, күннээҕи олох кыһалҕатын үтүргэннээх түбүктэригэр үтүрүйтэрэн, өйгө-санааҕа иҥэр гына ырыҥалыы сатаабыт түгэммит үксүбүтүгэр тиксибэтэҕэ чахчы.

Ааспыт кэм бэлиэлэрэ, күн-дьыл халыҥ дьапталҕатын хасыһан үөрэтэр анал идэлээхтэр этэллэринэн, киһи сөҕүөн курдук, үөйүллүбэтэх үгүс дьиктилээхэй чахчыларынан кэрэһилэнэр эбит. Ол курдук, Сир айыллыбыт кэмин уон гыммыт тоҕуһун, ол аата түөрт миллиард сыл, устата ото-маһа суох сыгынньах таас хайалардаах, уотунан уһуура турар орулуу мөхсөр булкааннардаах, кыйыра көтөр кыһыл кумах кырдайдаах хаҕыс көстүүлээх иччитэх кураайы дойду буолан турбут. Ханна эмэ тыынар тыыннаах сибикитэ биллиэ дуу, от-мас сиккиэрэ сипсийиэ дуу? Арай курас тыал куугуна, барылыыр байҕал балкыыра эрэ иһиллэрэ.

Кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут, Сир Ийэ сириэдийэ ситэн эмэнсийэ барыыта, баара-суоҕа биэс сүүс мөлүйүөн сыл (Сир сааһынан) бэтэрээ өттүттэн эрэ, булкааннар дьайыыларынан чычаас муоралар сылаас олбохторугар тыллыбыт тыыннаах килиэккэлэр судургу көрүҥнэриттэн сиик-симэһин тардан хамныыр харамай, тыынар тыыннаах салахай сыдьааннара үөскээн барбыттара биллэр. Сыраан-салыҥ курдук салахайдыҥы тыыннаах килиэккэлэр муҥутуур судургу көрүҥнэрэ сыыйа сайдан, уустугуран бастаан уу олохтоохторо – балык бииһин эгэлгэ көрүҥэ баар буолар. Онтон салгыы сайдыы үгүс сүүс мөлүйүөнүнэн сылларын кэнниттэн, көтөр кынаттаах, араас кыыл-сүөл, үөн-көйүүр бииһэ дэлэччи үөскээбитин эрэ кэннэ, иэгэйэр икки атахтаах, идьээн эттээх бороҥ урааҥхай Сир үрдүгэр баар буолбут бэлиэтэ муҥутаан икки-үс эрэ мөлүйүөн сылынан быһаарыллар. Кыыллыы бодолоох икки атах бииһэ баар буолбут кэмин үс сүүс гыммыт биириттэн ураты кэмигэр бүүс-бүтүннүү кэриэтэ дьиикэй аҥаардаах таас үйэ киһитин өйүн-санаатын тутан сылдьыбыта, билиҥҥи сыанабылынан, олохпут историятын биир сөҕүмэр чахчыта буолар. Сыччах кэлиҥҥи уон тыһыынча сылтан эрэ бэттэх аныгы киһи киэбинэн үүнэр-сайдар суола саҕаламмыта.

Бу чыпчылыйан баран эҕирийиэх эрэ түгэнэ кэм устатыгар киһи аймах бииһэ кэмэ суох үөскээн сири сиксигинэн сириэдийэ тарҕанна, Аан Ийэ Дойдуну атыйахтаах уу курдук аймыы хаамта. Өйө-санаата үллэр күөстүү өрө күүрэн, күнтэн-күн, дьылтан-дьыл билиитэ-көрүүтэ, сатабыла-сабаҕалааһына салаҥнык сайынна, уоҕа-кылына көмүөл күүһүнүү күрүлүү көөнньө. Сүөргүтэ-дьулаана баар, төһөнөн үүнэр-сайдар да, соччонон күүһэ-күөмчүтэ улаатан, быһыыта-майгыта сатарыйан иһэр саҥнаах буолар эбит.

Дэлэҕэ даҕаны уус-уран тылынан айымньы сүдү мэҥэ өйдөбүнньүгүн (пааматынньыгын) – олоҥхону айбыт аарыма өбүгэлэрбит араас быһылааннардаах олохторун, айаннарын аартыгын ахтан-санаан хоһуйалларыгар «атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ Дойду» диэн иһэ истээх, дириҥ ис хоһоонноох этиилэрэ уос номоҕо, төрүт тылбыт дэгэтэ буолан күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэлиэ дуо?! Орто туруу бараан дойду айылгылаах ньуурун далбарыгар хамныыр харамай, тыынар тыыннаах үгүс бииһин ууһа үрүт-үрдүгэр үтүрүһэн үөскээн баар буолуоҕуттан ыла сирдээҕи олох мүччүрүйбэт иэһинэн, тулхадыйбат ыйааҕынан үөн-көйүүр, кыыл-сүөл сүүрэр атахтааҕын, көтөр кынаттааҕын утарыта көрүҥнэрэ бэйэ-бэйэлэрин үтэ оҥорсон күн анныгар тыыннаах ордор, олох олорор аналлаахтара буолар эбит. Ол эрээри айылҕа сокуонунан дьүөрэлэһэн хайа да көрүҥ атын көрүҥү букатын эһэн кэбиспэт, төттөрүтүн бодоҥун, мөлтөҕүн ылҕаан, чэгиэнтэн чэгиэнэ ордон иһэригэр көмөлөһөр буолар эбит.


С этой книгой читают
Многотомник «Миг и вечность» посвящен рассказу о жизни и творчестве Натальи Евгеньевны Бажановой – политолога, историка, экономиста, публициста, педагога, дипломата, внесшего выдающийся вклад в изучение международных отношений, мировой экономики, этносов, стран, цивилизаций. При этом, хотя Н.Е. Бажанова находится в центре повествования, акцент сделан также на описание и анализ нашего многообразного, противоречивого, сложного и очень интересного м
В сборнике избранных стихотворений и прозы члена Союза писателей России, создателя Российского союза гидрогеологов, кандидата геолого-минералогических наук и потомственного гидрогеолога Ю. Г. Богомолова фрагментарно отражены вехи его личной, творческой и производственной жизни. Представленные читателю материалы высвечивают ряд событий, через которые прошла историческая и современная Россия за последние восемьдесят лет.В формате PDF A4 сохранен из
Магия, судьба или сила притяжения могут прочно свести двух людей вместе. Но смогут ли они – горячие, эмоциональные, упертые и не умеющие строить отношения, сохранить то, что им дано свыше? Пройти огонь воду и медные трубы, опуститься на дно, ходить по граблям и наконец-то понять, что любовь начинается с любви и принятия себя. Но как это сделать? Сможет ли героиня снова почувствовать себя счастливой? Сможет ли спасти свой брак? Книга содержит неце
Во вступлении принято знакомить читателя с автором. Мне кажется, в данном случае это совершенно бессмысленно, поскольку сама книга познакомит с автором гораздо лучше всяческих выступлений.Книга приглашает вас во вселенную человека, умеющего жить не просто так, а увлеченно, присутствуя в каждом моменте своей жизни. Это качество позволяет автору не знать, что такое будни. Автор не указывает, что хорошо, а что плохо, – просто описывает ситуации из с
В монографии исследуются и обобщаются актуальные проблемы законодательства в его целостности и системности, основные направления развития общетеоретического и практического обеспечения законодательной деятельности, основы определения и оценки эффективности издаваемых законов и подзаконных актов, а также оптимизации и совершенствования законодательной политики. Решение проблем видится в контексте преодоления структурного и методологического дефици
Во втором сборнике представлены лучшие научные работы студентов и аспирантов из числа принимавших участие в ежегодном конкурсе.Особо интересен, по мнению составителей, блок статей, подготовленных в рамках проведенного на факультете права научного семинара «Защита интеллектуальной собственности по IV части ГК РФ».
В отличие от плохого танцора, хорошему сисадмину мешают только кукушкины яйца. Их откладывают в его компьютер злобные хакеры, чтобы из них вылупились программы, делающие своего папу-кукушку суперпользователем.Сисадмин Клиффорд Столл случайно обнаружил, что кто-то посторонний входил в систему, используя данные уволившегося полгода назад сотрудника. Началась охота на хакеров, которая закончилась задержанием в 1987 году жителей ФРГ – легендарного ха
Книга по педагогике и методике обучения истории в школе. Содержит наработки автора из учебно-производственной практики в 10 классе, записи лекций и семинаров в пединституте, дальнейшие наработки практического преподавания. Выражаю благодарность тем, кто вёл меня за руку и дал профессию, путь в творческую жизнь среди молодёжи, открыл по-другому мир детства. Хочется поделиться и успехами других авторов – новаторов педагогической мысли из прошлого.