Эрнест Яхонт - Таас Хайа. Бастакы версия

Таас Хайа. Бастакы версия
Название: Таас Хайа. Бастакы версия
Автор:
Жанр: Современная русская литература
Серии: Нет данных
ISBN: Нет данных
Год: Не установлен
О чем книга "Таас Хайа. Бастакы версия"

Толбон дэриэбинэттэн чугас Таас Хайа диэн сир туспа кистэлэҥнээх. Олохтоохтор этэллэринэн ол сиргэ улахан күтүр баара эбитэ үһү. Кырдьык эрэ сымыйа эрэ, ол эрэн биһиэхэ тириэрдиллибит дьон кэпсээнэ олуһун даҕаны омуннаах буолар. Эбэтэр кырдьык туох да омуна онно суоҕа…

Бесплатно читать онлайн Таас Хайа. Бастакы версия


© Эрнест Яхонт, 2024


ISBN 978-5-0064-2996-3

Создано в интеллектуальной издательской системе Ridero

Киирии тыл.

Эһиги билэргит курдук, биһиги дойдубутугар араас түбэлтэлэр буолан турардаахтар. Олортон биирдэстэрэ чучунаа туһунан кэпсээни, үһүйээни уонна номоҕу хас биирдии саха киһитэ, бу олорор үйэтигэр саатар биирдэ истэн аһарбыт буолуохтаах. Биллэн турар, киһи олоҕор бар дьоно киниэхэ улахан дьайыылаах буолаллар. Холобур бу сэһэҥҥэ, өскөтүн силиэстийэни ыытар киһи үлэтинэн кэлбит буоллаҕына, бу улаатан эрэр уол оҕото, бэйэтин баҕатынан дьонун-сэргэтин көмүскээри, кырабын дэммэккэ бэйэтинээҕэр улахан күтүрү бултаһара ааҕааччыны уйадытар. Бу кинигэҕэ таптал күүһэ киһи ыарахан түгэҥҥэ түбэстэҕинэ, киһи дууһатын уоскутарын. Онтон хорсун быһыы, эр киһини хайдах курдук киэргэтэр бигэргэтэн суруллубут буолан, бу кинигэни ааҕа олорор киэһэхэ элбэҕи даҕаны кэпсиэ диэммин, бэйэм ис санаабыттан үчүгэйи баҕаран тура, сынньана таарыйа диэн дуоһуйа ааҕарҕытын көҥүллүүбүн!


Махтаныам этэ дьиэ кэргэммэр, кинилэр эрэллэринэн уонна көмөлөрүнэн, бу бастакы кинигэм күн сирин көрдө. Туспа махтаныам этэ эбээбэр уонна эдьиийбэр. Хас биирдии ааҕааччыларбар баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны, чэгиэн олоҕу уонна дьолу-соргуну. Бу буола урар ыарахан кэмҥэ, бары бииргэ түмсүүлэх буолуох тустаахпыт, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, өйөһөн олороргут киһини үөрдэр. Саха норуотун тыла сүтүө суоҕа диэн Таҥараҕа улаханнык эрэнэбин. Ол иһин аныгыс сырыыга тахсар кинигэлэрбин, эһиэхэ диэн төрөөбүт тылбынан суруйуом. Туругурдун сахам тыла!


Бастакы чааһа.

– Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар. (Саха өһүн хоһооно).


Өр өтөр буолбатаҕа, сайын саҕаланаат оҕо-аймах оскуолатын чиэппэрин түмүктээн, бары даҕаны «һуу» диэбиччэ дьиэлэрин хоту ким дэриэбинэҕэ, ким даачаҕа, ким тас дойдуга күүлэйдии бараллар. Биллэн турар, хас биирдии оҕо бэйэтэ туспа баҕа санаалаах, өскөтүн быраата манна барабын диэтэҕинэ эдьиийэ онно диир, онтон сылтаан мөккүөр таҕыста даҕаны ийэлэрэ «бүтүн!» диэн мөҕөн эрэ кэбиһэр. Дьэ быйылгы дьыл сайына бэрткэ саҕаланна, тоҕо диэтэр, куйаас кэмнэргэ сымнаҕас ардах түһэн сири дойдуну курааҥҥа былдьаппата. Онон быйыл барыта этэҥҥэ буолуохтаах, барыта тупса туруохтаах


Мичил хаһан даҕаны мээнэ хой баһын туойбат, мээнэ солуута суох күлбэт, ыраас санаалаах, сымнаҕас майгылаах, холку үчүгэй уол. Куруутун түөрткэ-биэскэ үөрэнэр, үөрэҕэр кыһаллан 7-с кылааһы быйыл этэҥҥэ түмүктээн баран, быйыл хайаан даҕаны худуоһунньуктар лааҕырдарыгар барыахпын наада диэн кытаанах санаалаах. Ол даҕаны буоллар, аҕыйах кэмҥэ абаҕатын аахха дэриэбинэҕэ көмө киһитэ буола таҕыста.


Толбон диэн дэриэбинэ уруккута кыһыллар уонна үрүннэр харах харахха көрсөн киирсибит сирдэрэ. Гражданскай сэрии кэмигэр, кыһыл этэрээттэр бу сири оборона оҥостон үрүннэри тоһуйбут сирдэрэ, ол кэмнээҕи кэмҥэ сыһыаннаах бу олохтоох дьоҥҥо, араас номох буолбут үһүйээннэр бөҕө тылтан тылга, уостан уоска бэриллэн билигин даҕаны дьон-сэргэ дьикти буолбут түбэлтэлэри кэпсиирэ. Дьиҥинэн Толбон дэриэбинэтэ туох даҕаны атын дэриэбинэлэртэн уратыта суоҕа эрээри… Таастаах хайаҕа улахан киһи суола баара…


2. Өр да айаннаан, уһун суолу массыына түннүгүн нөҥүө көрөн олорон «хаһан бу тиийэммин саҥаһым Кэтириис алаадьытын амсайарым буоллар» диэн саныы иһэн, уута кэлэн утуйан хаалла. Арай эмискэччи такси массыыната тохтуу биэрдэ, Мичил уһуктан кэллэ, өҥөйөн көрбүтэ билэр сиригэр кэлбит эбит. Тэрээһэ ааныттан абаҕата Миитэрэй өҥөйөн туран илиитин уунна. Бырайыаһын төлөөн, малын суумкатын ылан баран ааны аһаат абаҕатыгар сүүрдэ, күрүө аанын арыйаат Миитэрэйи кууһан ылла. Миитээ бэйэтэ эйэҕэс киһи, сымнаҕас майгылаах, үлэһит бэрдэ. Урут быраата тыыннаах эрдэҕинэ элбэх сиринэн үлэлиир-хамныыр эбитэ. Холобур тас омук дойдутугар тахсан биир хампаанньаҕа балыксытынан үлэлээн турардааҕа. Оннук курдук эрчимнээхтик үлэлии хамныы сырыттаҕына, дойдутуттан эмискэ ыраас халлааҥҥа чаҕылҕан эппитин курдук куһаҕан сонун кэлэр, Мичил аҕата Дьулус ууга түһэн өлбүт үһү диэн. Өр гымматаҕа, аҕыйах хоноот дойдутугар төннүбүтэ, кэлээт даҕаны ханна даҕаны тохтообокко, утуйбакка сынньаммакка Толбоҥҥо түһүнэн кэбиһэр, ол кэнниттэн биирдэ быраатын харайсар. Ол дьыл күүстээх тыал, ардах-этиҥ хаста да түһэн турардаах.

Миитэрэй быраатын Мичили кууста, оруйуттан ылан сыллаата уонна эмискэ баҕайытык -хайа доо, иккини ылбатыҥ ини, нохоо- диэн ыйыппытыгар Мичил – бу үйэҕэ үчүгэйдик үөрэнэн кэлбитим- диэн бэйэтигэр төттөрү хардары эппиэт биэрдэ, Миитэрэй күлэн эрэ бистэ. Дьиэҕэ киирээт Мичил улааппыт түөлбэтин, тапталлаах сирин салгынын эҕэрийэ биэрдэ. Дьиэ иһигэр киирбитэ кэм буолуо, кийиитэ Кэтириис барахсан дьиэтин сууйан, аһын астаан, чэй өрөн барытын бэлэмнээн баран кыра уолун Ньургуну аһата олороохтуур эбит.

– Эдьий Кэтириис, дорообо!

– Оо, Мичил! Төһө бэрткэ айаннаан кэллиҥ?

– Үчүгэй, ол эрэн суолбут өссө тупсан биэрбит дуу? Олох көнө баҕайы дии.

– Бу соторутааҕыта суолу оҥорбуттара, малгын хоско киллэрэн уураар, онно бэйэҥ оронуҥ бэлэм уонна кэлэҥҥин аһаар.

– Так точно, эдьий Кэтириис.

Хоһугар киирбитэ Миитээ улахан кыыһа Маайа кинигэ ааҕа сытар эбит, Мичили көрөөт үөрдэ, санаатыгар оҕо сааһын санаан ылла.

– Айуу, пирибиэт! Хайа Мичил, хантан көһүннүҥ?

– Ээ пирибиэт, Маайыс (Мааппа диэччим оҕо сылдьан, тоҕо диэтэр эбээтэ кинини Мааппа диэн хос ааттааччы)! Ээ оттон, куорат айдааннаах олоҕуттан куотан, аҕыйах кэмҥэ диэн сынньана кэллим.

– Эмиэ тоҕо аҕыйах күҥҥэ? Биир дьыл сайыныгар, саатар биир-икки ый хаалыаҥ этэ буоллаҕа.

– Ээ суох, лааҕырга барыахпын наада

– Туох Лааҕырай?

– Уруһуйдьуттар гиэннэрэ

– Дуо? Онтон манна эмиэ уруһуйдьуттар лааҕырдара сотору аһыллар үһү диэн сураҕы истибитим ээ.

– Эс? Кырдьык дуо?

– Сымыйатын кырдьыгын билбэппин, баҕар ийэлээх-аҕам билэллэрэ буолуо, хата кинилэртэн ыйытаар.

Малын уураат, умывальникка илиитин суунан баран остуолга олордо. Миитэрэй таһырдьа табахтыы түһэн баран дьиэҕэ киирдэ, Мичил диэки үөннээх баҕайытык көрдө уонна остуолга олорунан миинин иһэн саҕалаата.

– Чэ кэпсээ, Мичил. Ийэҥ хайдаҕый?

– Барыгытыгар «Дорообо» тириэрдэр.

– Онтон кыра балтыҥ Нарыйа?

– Этэҥҥэ, быйыл подготовкаҕа киирэр.

– Ээ, улааппыт дии, наһаа минньигэс иэдэстээх оҕочоон. Кэтэриис, өйдүүгүн били урут Нарико кыһыл оҕо эрдэҕинэ бырааппар Дьулуска ыалдьыттыы тиийбиппитин?

Кэтириис ол бу диэки көрдө, хайдах эрэ умнубуттуу истиэнэ диэки көрөн баран -Өйдөөтүм быһыылаах, били Дьулус эйиэхэ саха быһаҕын илии ууммута дуо?

Миитэрэй хайдах эрэ муода баҕайытык кэргэнин диэки көрөн баран -Бүт эрэ, ол кэм Нарыйа биирин ааспыта, өссө ол иннинээҕи дьыл.

– Ээ сөп, дьэ өйдөөтүм- диэн Кэтириис нэһиилэ ол ааспыты сэгэтэн көрөн, дьэ кэлэн өйдөөтө -Онно эн вахтаттан кэлбит кэмиҥ этэ ди?


С этой книгой читают
История о взаимоотношениях с окружающим миром талантливого мальчика, страстно увлеченного литературой. Ситуация, в которую он попал, оказала сильное влияние на его характер, всю дальнейшую жизнь и судьбу.
В книге представлены разноплановые рассказы, непридуманные истории и сказки для взрослых, что помогает читателю взглянуть на себя со стороны и победить дух уныния.
Алчность или самопожертвование, гениальность или безумие, внутренняя свобода или зависимость от стереотипов? Как долго можно блуждать в лабиринтах собственного разума в попытках отыскать истинное предназначение? Сколько человек может идти по краю, смотреть в бездну, желая добраться до безопасной зоны и одновременно хотеть прыгнуть вниз? Можно зайти далеко, чтобы единственная мечта стала реальностью. Но иногда очень сложно сделать решающий выбор,
В 9 "Б" приходит новый учитель литературы, которому необходимо поставить к новому году с ребятами пьесу. Но проблема в том, что эта задумка интересна лишь девочке Даши. Сможет ли любовь к литературе или быть может чудо победить безразличие?
В книге рассматривается история производства сундуков, существовавшего в Вятской губернии. Приводятся основные факты, краткие биографии мастеров, анализируются конкретные произведения.This book deals with the history of the production of chests that existed in the Vyatka province. The author gives the main facts, short biographies of the masters and also analyzes artistic items.
В поэтическом сборнике «Нас нет, только тени в стихах» представлены лучшие импровизации/верлибры написанные Дмитрием Близнюком за 2020 год.Выбор стихотворений – Сергей Герасимов. Редакция и коррекция – Эсмира Травина. Фото – Эрик Йоханссон.
Вас ждёт путешествие не во внешние миры, а внутрь себя – туда, где скрыты ответы на самые важные вопросы. «Голос сердца: Путеводитель к истинной любви и самопознанию» – это история о том, как научиться слышать свой внутренний голос, отпустить страхи прошлого и встретиться с истинной силой, живущей в глубине души.Главная героиня, Элина, прошла долгий путь от сомнений и боли к самопознанию и любви к себе. Каждая страница её пути полна искренних отк
Федор и Костя стали замечать, что их отец меняется пугающим образом. Бабушка мальчишек объясняла это банальной усталостью из-за напряженного графика работы и накопившихся проблем. Однако Федор, увлекающийся ужастиками и прочитавший множество комиксов, решил, что это нечто иное. Правда оказалась намного страшнее, чем кто-либо из них мог предположить.