Прокопий Чуукаар - Өлүү-тиллии икки ардынан

Өлүү-тиллии икки ардынан
Название: Өлүү-тиллии икки ардынан
Автор:
Жанр: Современная русская литература
Серии: Нет данных
ISBN: Нет данных
Год: 2021
О чем книга "Өлүү-тиллии икки ардынан"

Суруйааччы П.Я. Прокопьев-Прокопий Чуукаар «Өлүү-тиллии икки ардынан» диэн айымньытыгар кэпсэнэр геройа ханнык да ыарахаттартан чаҕыйан турбат ураты күүстээх санаалааҕа, сэдэх дьылҕалааҕа, чахчы да уол оҕо уон уһуктааҕа буолара кими баҕарар сөхтөрүөн сөп.

Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

В своих произведениях известный журналист и писатель всегда поднимает актуальные проблемы современности. Отличительные черты его прозы: фабульность, психологизм, иносказательность повествования.

Каждый, кто возьмет в руки эту книгу, будет восхищен смелостью, храбростью и бесстрашием главного героя документальной повести и, наверно, мысленно задаст себе вопрос: «А как бы я поступил на его месте?»

Книга приурочена к 80-летию со дня рождения писателя.

Бесплатно читать онлайн Өлүү-тиллии икки ардынан


ААН ТЫЛ

Кини туһунан аан бастаан Дьокуускай балыыһатыгар эмтэммит бырааһыттан истибитим. Лээхэптэр арыыларыгар уонтан тахса сыл бултаабыт киһи билигин Намҥа олорорун билэн баран, эмиэ оччолорго ити эргин муора арыыларыгар баар факторияҕа үлэлээбит биир дойдулаахпын сураһыах санаам көтөн түспүтэ. Ол гынан баран Хотугу байҕал аата-ахса суох арыыларыттан сыччах биир эрэ киһини ыйыталаһа тиийэр сүрэ бэрт буолуоҕун иһин, бэркиһээн, бастакы өрүкүнэйиим уостан хаалбыта. Ол биир дойдулаахпын сураһыым дьиҥ-дьиҥэр төрүөттээх этэ. Бэйэм эмиэ ити сыллартан саҕалаан хоту туундараҕа да, муораҕа да син кииртэлээн тахсыбытым, онон ол дойду сирин-уотун көрбүппүн кимиэхэ эмэ сыһыаран кэпсиэх буолбут өрдөөҕү баҕа санаам үүйэ тутан, Намҥа олохтоох аймахпытынан илдьит ыыппытым, онуоха оҕонньор «кэллин» диэн быһа-бааччы эппит этэ. Онон урут көрбөтөх, айах атан кэпсэппэтэх киһибэр биир үтүө күн көтөн түстүм.

Эдэр дьон хараҕар биһиги көлүөнэ «оҕонньор» дэппитэ ырааппыт эбит. Бэйэм бараллаам киһини сурах хоту «оҕонньор» буоллаҕа дии сылдьыбыппын. Билигин даҕаны урукку сэбэрэтин ыһыкта илик көхсүн киһи суол ааныгар көрүстэ, илиибин эрчимнээхтик хаба тардан ылла:

– Кырбыһааҥкын диэммин. Сөп-сөп, ити миэхэ кэллиҥ. Аас. Хаһан эрэ өрдөөххө Федот Донускуой диэн киһи суруйа сылдьыбыта.

– Феодосий Донской буолуо…

– Ол, ол киһи. Нууччалыы эмиэ, хас да сыл буолан баран, суруйбут эбит. Ону бу соторутааҕыта Яков Семенов диэн уруккута улахан тойон киһи булан ыыппыта. Өссө бу сотору кэминэн тахсар хайа эрэ кинигэҕэ кыратык кыбытыах буолбут.

– Оо, ол Яков Алексеевич булт туһунан хас да кинигэлээх ээ. Кини ылсара ордук буолаарай?

– Ыспыраапка курдук суруйуо үһү, муҥутаан төһөнү бултаабыппын кыбыттаҕына даҕаны үөрүү. Оччо элбэҕи мин курдук бултаабыт киһи баарын үйэм устата истибэтэҕим. Миигин Соц. Үлэ дьоруойугар оччолорго түһэриэхтээхтэр этэ. Элбэх үрдүк сололоох тойонтон итини бэйэлэриттэн истибитим, онон этэбин. Уонна онтум сурукка киирбит эбит. Федот Донускуой суруйбута бу сылдьар, – саалаҕа элэстэнэн киирэн дипломат ойутан таһааран аһа баттыыр уонна 1975 сыллааҕы «СЯ» балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи ыстатыйатын ксерокопиятын үҥүлүччү анньар. «Тропа в студеном океане» диэн очерканы Ф. Донской уонна С. Ломач кыттыһан суруйбуттар эбит.

Аны «Ляхов арыытыгар – тоҕус сыл» диэн Ф. Донской өссө 1971 с. балаҕан ыйын 20 күнүгэр «Кыымҥа» суруйбут ыстатыйатын ксерокопията холбуу тиһиллэ сылдьар.

– Бачча бэчээтинэн бигэргэтиллибит киһини дьэ уонна тоҕо дьоруойга түһэрбэтилэр?

– Дьэ ону мин сэрэйэбин эрэ. Кэпсээтэххэ, остуоруйата уһун. Судургу хайдах да быһаарбаккын. Этэргэ дылы, куһу эрэ ыппыт киһи кырсаһыт буолан турдаҕым дии. Уонна аҕыйах сыл иһигэр аатырбыт-сураҕырбыт дьоннортон ордон тахсабын. Тэрилим диэн бастаан барыларыттан мөлтөҕө. Салалта булчуттарыгар эриэ-дэхси сыһыаннаспат этэ. Ким төһөнү куду анньан бэрик биэрэрэ тэриниигэр элбэҕи быһаарара. Көнөтүнэн сылдьар буоллуҥ да – эн булчут буолар кыаҕыҥ суох. Салалтаҥ браконьердыырын көрө-көрө көрбөтөҕө буолуохтааххын. Анатыылаах сиргин көҥүл тэбистэрдэххинэ, ол сир булда кэхтэр. Ону утарсыбыт «буруйум» таайбыт буолуон сөп. Куоракка тиийдэхпинэ, саамай муҥур тойотторго сылдьан баар балаһыанньаны кэпсээн кэбиспитим да атахтаатаҕа. Овчинниковаҕа, Петровка, Платоновка сылдьарбын истэн мөҥүү-этии бөҕөтө этэ. Кинилэр өрө тутар кэмнэригэр, ити дьонтон бэйэлэриттэн саҕалаан, дьоруойга түһэр сурахпын истибитим. Уонна ону күн бүгүнүгэр диэри итэҕэйэбин. Көр эрэ, Сергей Михалковтаах кэлэ сырыттахтарына, ол дьону кытта Ленин памятнигар венок уурсубуттаахпын ээ. Онно: «Бу – биһиги дьоруой-булчуппут, Соц. Үлэ дьоруойа», – диэн билиһиннэрэллэр этэ. Ити 1975 сыллаахха. Мин бултуу муорабар киирэн хаалабын. Кырсаҥ да аҕырымныыр сыллардаах. Оннооҕор куобах үөскээбэт кэмнээх дии. Ол сыл Лээхэптэр арыыларыгар кырса биллэ аҕыйаабытын иһин Котельнайга бултаан тахсыбытым, миигин сүтэрэн олороллор этэ. Онуоха эбии аны «Таймылыыр» совхозка сыһыарбыт кэмнэрэ буолуон сөп. Дьокуускайтан миигин дьоруойга түһэрэр дьыаланы оҥорторо ыыппыт киһиэхэ: «Үс сыл хаайыыга түбэспитэ», – диэбит этилэр. Соруйан. Ону итэҕэйдэхтэрэ буолуо. Онтон ыла бултаан бүппүтүм. Ыарытыйан да барбытым. Кэлин миигин өйөөбүт улахан дьонум үлэлэрэ уларыйбытын, өлбүттэрин истэммин сураһа да барбатаҕым. Ол эрээри киһи үлэтэ умнуллуо суохтаах дии саныыбын. Кэлин да сыаналаныан сөп. Оннооҕор өлбүттэрин кэнниттэн наҕараадаҕа түһэрэллэр буолбат дуо? Инньэ диэбит дьон элбэх. Эн, хаһыат үлэһитэ киһи, Халыыйабы, Ырыкыныабы истэр этиҥ дуо?

– Аҕа табаарыстарым этилэр.

– Тэрэнтэй ханна эрэ мин туспунан кыбыппыт буолуохтаах. Инньэ диир этэ. Өссө нэмийэн суруйаары сылдьан былаҕайга былдьаппыта. Оттон Ньукулай Ырыкыныабы кытта аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабытым. Доҕорум этэ. Эмиэ суруйуон наһаа баҕарара. Ол сылдьан олохтон эмискэ туораан хомоппута. Оттон эн бэйэҥ билиэҥ буоллаҕа. Хоту сылдьыбыппын суруйтарыахпын баҕарабын. Чахчы уйаммын-хатаммын биллэрбит дойду.

– Эн курдук булка үрдүк көрдөрүүнү ситиспит атын булчуттар бааллар дуо?

– Истэ иликпин.

– Оттон Соц. Үлэ Геройун үрдүк аатын ылбыт кырсаһыт булчуттар баалларын истибит курдукпун. Эн көрдөрүүгүн тэҥнээн көрүөххэ баар эбит ээ.

– Саамай сөпкө этэҕин.

Иван Яковлевич ити этиитин сыал-сорук оҥостон, «Герои Социалистического Труда» диэн 1987 сыллаахха тахсыбыт биобиблиографическай справочнигы арыйталаан көрдүм. Онно 52 страницаҕа Горохов Семен Васильевич уонна 74 страницаҕа Колесов Николай Саввич диэн Хоту дойду хоһуун булчуттарын туһунан туох суруллубутун ааҕааччыларга билиһиннэрэбин. Н.С. Колесов Усуйаана Туматыгар 1912 сыллаахха төрөөбүт чахчы да сорсуннаах булчут эбит. 1957 сыл алтынньы 1 күнүгэр Соц. Үлэ Геройун үрдүк аата иҥэриллиэн иҥэриллибит. Ол гынан баран ити кэмҥэ муҥутуур көрдөрүүтүн суруйбатахтар. Ол оннугар 1964 сыллаахха Ийэ дойдутугар 100 000 солк. суумалаах күндү түүлээҕи туттарбыт эбит. Төһө кырсаны, атын түүлээҕи ханна бултаабыта суруллубатах.

Аны С.В. Горохов, эмиэ Усуйаанаҕа Юкагир диэн сэлиэнньэҕэ (?) 1930 сыллаахха төрөөбүт байанайдаах булчут Соц. Үлэ Геройун үрдүк аатын 1985 сыл от ыйын 9 күнүгэр ылар чиэскэ тиксибит. Хомойуох иһин, көрдөрүүтэ эмиэ ыйыллыбатах. Ол оннугар 1986 сыл устата 147 кырсаны 5500 солк. туттарбыта ыйыллыбыт. Оттон кинигэ тахсар сылын бастакы кыбартаалыгар 184 тириини 7300 солк. туттарбыт. Мантан сылыктаан көрдөххө, Николай Саввич Колесов 100 тыһыынчалааҕы биир сыл бултаабыта киһи өйүгэр хайдах да түспэт. Семен Васильевич Гороховка сыһыаран көрдөххө, 10 тыһыынча суумалаах күндү түүлээҕи бултаабыт буолуон сөп быһыылаах. Биир нуул алҕас эбиллибитэ көстө сылдьар. Ол эбэтэр төһө да улуу булчут биир сыл 2000 кырсаны хайдах да туттарыах туһа суох. 1964 сыллаахха оччо кырсаны бултаабыт киһи аарыма сураҕын, оччолорго Хоту дойду олоҕун иҥэн-тоҥон үөрэтэ сылдьар Ф. Донской хайаан да билиэхтээх этэ. Онон кэккэ сылларга республикаҕа кими да иннигэр түһэрбэтэх улуу булчут Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аатыгар түһэриллибэккэ хаалбыта, ити, кини кэпсиирин курдук, итэҕэстэри кытта эйэлэспэтэх көнө сүрүннээҕэр сыттаҕа диэн бүк эрэнэҕин. Онуоха эбии «Холбоско», «Булуҥ», «Таймылыыр» совхозтарга булдун туттарарга күһэллибитэ, пятилеткатын дуу, уопсай түмүгүн дуу таһаарыыга оччотооҕу «көһүүн» салайааччылартан тутулуктаммыта саарбаҕа суох. Онон, Семен Васильевич курдук, Герой үрдүк аатын ыларын таһынан Үлэ Кыһыл Знамята, «Бочуот Знага» орденнарга тиксиэхтээҕэр буолуох, дьөрү биир да мэтээлинэн бэлиэтэммэккэ хаалбыта хомолтолоох.


С этой книгой читают
История о взаимоотношениях с окружающим миром талантливого мальчика, страстно увлеченного литературой. Ситуация, в которую он попал, оказала сильное влияние на его характер, всю дальнейшую жизнь и судьбу.
«Красота – страшная сила, и про это рассказ Найденова. Известно, как воздействовала красота скульптур усыпальницы Медичи, сработанных Микеланджело: посетители забывали час и день, в которые они сюда пришли, и откуда приехали, забывали время суток… Молодая пара осматривает Константинополь, в параллель читая странички из найденного дневника. Происходит и встреча с автором дневника. Он обрел новую красоту и обрел свое новое сумасшествие. На мой взгл
Детские, ностальгические истории, произошедшие с автором в далёком леспромхозном посёлке в семидесятых годах прошлого века.
Избранное – дикий букет, не тронутый жёсткой рукой флориста: проза, поэзия, философия, эссе…Вы любите полевые цветы, поющее разнотравье? Останавливают ли вас жёлтые огни зверобоя и колючий шарм полевого синеголовника? Кружит ли голову ароматами восторга душистый горошек и трезвит ли терпкость вкуса горькой полыни? О чём размышляете, когда ветер гонит мимо вас рыжеющий шар перекати-поля?
Толкование слов Иисуса, записанных Апостолом Фомой, должно пробудить в современном читателе сначала любопытство, потом – побуждение к исполнению, а затем – и достижение весьма качественных результатов в преображении собственной телесной оболочки вместе с присущим ей интеллектом и зависимой от разума чувственной сферой.А у вас в руках – долгожданное продолжение третьей части трилогии ”Эстафета духа”.
В основу рассказов положены реальные уголовные дела из практики автора и его коллег из уголовного розыска. Острые сюжетные линии служат поводом для исследования состояния морали в современном обществе, анализа сложных механизмов формирования противоправного поведения лиц, нарушающих закон. Книга представляет интерес для читателей, интересующихся проблемами борьбы с преступностью в нашей стране.
Одри села на байк незнакомого альфы в надежде, что тот унесёт её прочь из рутины осточертевших будней. Весёлый, пьяный вечер закончился кошмаром: ей пришлось спасаться вплавь, через залив, полный голодных хищников. Но только ли их ей стоит бояться? Истинный хищник уже вышел на охоту.
Женя теряет ребёнка на раннем сроке беременности, муж обвиняет её в том, что она не смогла сберечь малыша и уходит из семьи. Она же не в силах забыть супруга каждый день, ожидая возвращения.Истерзанная бесконечной внутренней болью она берёт отпуск на работе и отправляется к морю надеясь, что оно исцелит её душевные раны. Женя снимает домик на берегу тихой дельфиньей бухты. Воспоминания о муже не дают ей покоя и в вечер приезда, она заходит на его