Иннокентий Колосов - Өлбөт үөстэниэҕиҥ

Өлбөт үөстэниэҕиҥ
Название: Өлбөт үөстэниэҕиҥ
Автор:
Жанр: Современная русская литература
Серии: Нет данных
ISBN: Нет данных
Год: 2022
О чем книга "Өлбөт үөстэниэҕиҥ"

Ааптар бу романы суруйуон иннинэ түөрт уонтан тахса сыл устата архыып матырыйаалларын, тустаах тиэмэҕэ анаммыт суруйуулары, бэрт үгүс тылынан да, суругунан да ахтыылары истэн, үөрэтэн, тэҥнээн көрбүт. Онон айымньытыгар киллэрбит үгүс геройдара, бэлиэ түгэннэр олоххо баар буола сылдьыбыттарынан ааҕааччы интэриэһин тардаллар. Архыып докумуоннарыгар, оччотооҕу кэмтэн норуокка хаалбыт номохторго, ахтыыларга олоҕуран сабаҕалаан суруйуу өрөбөлүүссүйэ дьалхааннаах кэмин үйэлэр быыстарыттан сэгэтэн көрөрүнэн сэҥээрдэр.

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар.

Перед тем, как написать этот роман, автор более сорока лет изучал архивные материалы, публикации по теме, сравнивал и анализировал большое количество устных и письменных воспоминаний. Именно потому, что герои романа – реальные люди, а значимые события происходили в действительности, произведение вызывает неподдельный интерес читателя. Наряду с архивными документами, автор вплетает в ткань повествования легенды и мемуары, создавая вполне реалистичную версию истории, что позволяет нам приоткрыть завесу в давно минувшие дни.

Издание приурочено к 100-летию ЯАССР

Бесплатно читать онлайн Өлбөт үөстэниэҕиҥ


* * *

1921 с. күһүнэ Алдан-Маайа улууһугар булт үчүгэйдик бултатан олохтоохтор санаалара көннө. Куонаан Киристэпиэрэбис Микииппэрэп диэн саха киһитэ манна сааһын тухары булдунан ииттинэн олорбута.

Кини аҕата Байаҕантай улууһун, ийэтэ I Амма улууһун Дьоҥку нэһилиэгин дьоно этилэр буолан баран дойдуларыттан тэйэн, манна олохсуйан, олорон ааспыттара.>47 Куонаан үрдүк уҥуохтаах, онно сөп модьу-таҕа эттээх-сииннээх, хара бараан, уоттааҕынан сытыытык көрбүт 32-лээх эр бэрдэ. Кэргэннээҕэ уонна 4 кыра оҕолооҕо. Үчүгэй булчут, сүрэхтээх-бэлэстээх үлэһит буолан, куһаҕана суохтук олорбуттара. Дьон-сэргэ ортотугар да үчүгэй ыалынан биллэллэрэ, ытыктабылынан туһаналлара.

Куонаан алта оҕолоох кырдьаҕас абаҕалаах. Дьон-сэргэ ортотугар улахан аптарытыаттаах киһи этэ. Куонаан абаҕатыныын олус үчүгэй сыһыаннааҕа. Абаҕата киниэхэ, аҕата өлбүтүн кэнниттэн, аҕатын солбуйбута. Сэбиэскэй былаас олохтоммутугар абаҕатын насревком бэрэссэдээтэлэ оҥорбуттара. Абаҕата насревком буолан да баран дьоҥҥо сыһыанын уларыппатаҕа, нэһилиэгин дьонун ыкпатаҕа-түүрбэтэҕэ.

1921 с. күһүнүгэр Куонаан, бэрт уһун кэмҥэ ыраата баран, бултуу сылдьыбыта. Байанайа өлгөмнүк маанылаан, үөрэн-көтөн, сыарҕа хаара түспүтүн кэннэ, сыарҕалаах атынан дьиэлээн испитэ. Ол иһэн, абаҕатын аахха таарыйан ааһарга быһаарыммыта.

Арай абаҕата аах олорор олохторугар чугаһаан истэҕинэ, ый-хай айдаан бөҕө, ытаһыы-соҥоһуу иһилиннэ. Чараас тыаны туораатын кытта билэр түөлбэтэ – хас да ыал түһүүлэнэн олорор дойдута арылынна: ыаллар тастарыгар киһи бөҕө. Аттаах дьон төттөрү-таары ойуталлар, сатыылар аймалаһаллар. Тоҕо эрэ бары саа сүгэһэрдээхтэр.

«Тыый! Туох буоллаҕай? Иэдээн буолбут быһыылаах!» – Куонаан атын чугурус гына түһүөр диэри тарта. Ол да буоллар, абаҕалааҕа олорор балаҕаннарын туһулаан хаамтаран истэ.

Сэргэҕэ чугаһаан истэҕинэ, икки бэрдээн сүгэһэрдээх бөтөстөр атын тэһиинин икки өттүттэн харбаан ыллылар. Куонаан сыарҕатыттан түһэ биэрдэ, көрбүтэ: арай, билэр уолаттара дьэргэйэн аҕай сылдьаллар эбит.

– Бу туох буола сылдьаҕыт?! Киэр буолуҥ! Миигин билбэккит дуо?! – диэт уҥа-хаҥас ыһыталаан кэбистэ.

– Хамандыыр ыыппыта! Хамандыырга бара сырыт! – уолаттартан биирдэстэрэ, хаарга түспүт бэргэһэтин тэбии-тэбии, өс саҕа буолла.

Куонаан дьиэҕэ киирбитэ, саҥаһа ытыы олорор.

– Хайа, саҥаас! Туох буолла? Уоскуйа түс уонна кэпсээ, истэбин! – Куонаан үтүлүктээх бэргэһэтин сыҥаһа ороҥҥо уурда, бэйэтэ олордо.

– Куонаан, абаҕаҕын, ити саалаах дьон тутан, илиитин кэлгийэн илдьэ бардылар: «Өрөпкүөм эбиккин! Өрөпкүөмнэри өлөртүүр дьаһал баар!» – дииллэр. Туох буруйбут-аньыыбыт иһин алта оҕобут тулаайах хаалар аналламмыттара буолла! – саҥаһа хат ытаан барда. Оҕолор эмиэ ытастылар.

– Саҥаас, уоскуй, ытаама! Тугу эмэ тобулуохпут! Оҕолор эмиэ ытаһымаҥ! Мин абаҕабын өлөртөрүөм суоҕа! – Куонаан, дьиэ өһүөтүгэр төбөтүнэн анньыллар баараҕай улахан киһи, тура эккирээтэ.

Оҕолору биир-биир төбөлөрүттэн имэрийдэ. Ахсыларынан сыллаан ылла. Саҥаһын санныттан кууста уонна таһырдьа таҕыста.

Үрүҥ хамандыыра түһэн олорор дьиэтин ыйдаран, онно тиийдэ. Дьиэҕэ киирбитэ: саас ортолоох, кытаанах баҕайытык көрбүт-истибит, үөһээ уоһугар тор курдук бытыктаах киһи кини диэки хаһымардаахтык көрө-көрө чэйдии олорбутун кубулуппата.

Куонаан дорооболосто, аатын-суолун эттэ уонна көрдөһөн киирэн барда:

– Мин эһиги туппут өрөпкүөмҥүт быраатынабын. Абаҕам баҕатынан өрөпкүөм буолбатаҕа. Күүстэринэн талан кэбиспиттэрэ. Хайыыр да кыаҕа суоҕа. Кими да атаҕастаабатаҕа. Дьонтон ыйытыҥ – туоһулуохтара. Ким да хом санаата суоҕа буолуо. Алта кыра оҕолоох, сааһырбыт киһи. Мин түөрт оҕолоохпун. Онон, тойон, эйигиттэн хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн – абаҕабын өлөртөрүмэ! Босхолоо!

– Мин үрдүкү хамандыырдарбыт – нуучча тойотторун дьаһалларын толоробун! «Өрөпкүөм барыта өлөрүллүөхтээх» диэн дьаһайаллар! Ону хайыыр да кыаҕым суох! Биһиги өлөр-тиллэр икки ардынан сылдьар сэрии дьонобут! – хамандыыр тойон өһөхтөөҕүнэн көрүтэлээтэ.

Уҥа-хаҥас көрдөҕүнэ хараҕын үрүҥэ быһах биитин курдук килбэҥниир. Куонаан көрдөспүтүн кубулуппата. Элэ-была тылын барытын эттэ. Бэрт уһуннук ылахтастылар. Бүтэһигэр тойон сылайа быһыытыйда быһыылаах: Куонааны баһыттан атаҕар диэри сирийэн, болҕойон көрдө:

– Дьэ, олус да өһөс-ньоҕой киһи эбиккин, быһыыта! Эн мин этэрбин ылыннаххына, тойотторум дьаһалларын кэһэн туран, абаҕаҕын босхолуом! Мин этэрбин ылыныаҥ дуо? «Ылыныам» диэн тылгын аҕал! Ылымматаххына – абаҕаҕын күн бүгүн ытабыт! Бытырыыстаах да быыһыа суоҕа!

Куонаан абаҕатын тыыннаах хаалларар түгэни мүччү туппат инниттэн:

– Саатар эрэ! Абаҕам уонна кини оҕолорун туһугар тугу этэргин барытын толоруом! Эн этиигин ылынабын! – Куонаан үөрүүтүттэн тура эккирээтэ.

– Дьэ, оччоҕо иһит! Биһиги бассабыыктары, чыкаалары утары сэриилэһэбит! Онно элбэх сыра-сылба, күүс-күдэх, сытыы өй-санаа мунньуллара наада! Сыылба-мөлтөх дьоҥҥо наадыйбаппыт! Биһиэхэ бу эн курдук эр бэрдин бэрийэр бэртэрэ наадалар! Мин эйиэхэ этэрим маннык: Биһиэхэ холбос! Эн хорсун саллаат, сыыйа үчүгэй хамандыыр буолуоххун сөп киһи эбиккин!

Дьэ, билигин иккиттэн биирин талаҕын: эбэтэр биһиэхэ холбоһоҕун – абаҕаҕын быыһыыгын! Эбэтэр абаҕаҕын биир-биэс тыла суох бүгүн ытабыт!

Куонаан соһуччута бэрдиттэн сүүскэ бэрдэрбит курдук буолла. Орон сыҥаһатыгар «лах» гына олоро түстэ: «Итинник эргитэн таһаарбыт эбит дии! Аата, күтүр өстөөх, санаата куһаҕанын! Маҥнай киһини ытарчаҕа ылар, онтон биирдэ хараҥа санаатын этэр! Ооҕуй оҕустан туох атыннааҕый?! Арай, аккаастаныым?! Оччоҕо – биир тыла суох, көрдөрбүтүнэн, абаҕабын ыттарар! Суох, оннук сатаммат! Бэйи, туох диэх баҕайыный?..»

– Хайа, тоҕо тылгыттан маттыҥ?! Аккаастанаҕын дуо? Этэ оҕус!

– Бэйи, тохтоо, соһуччута бэрт! Мин тыаҕа өр сылдьан, бултаан иһэбин. Дьоммун кытта сүбэлэһиэм этэ. Мин эмиэ элбэх оҕолоох киһибин. Өйүүҥҥэ диэри көһүтүҥ – быһаарынан баран, кэлиэм. Онуоха диэри көһүтүҥ!

– Чэ, өйүүҥҥэ диэри толкуйдан. Өйүүн сарсыарда кэлбэтиҥ да абаҕаҕын ыттарабын!

Куонаан бэргэһэтин, үтүлүгүн ылан, бытааннык, оргууй аҕай, тахсан барда. Кэри-куру буолбут сирэйдээх-харахтаах киһи, саҥаһын аахха таарыйан, этэн ааста. Дьиэтигэр ыарахан санааҕа-онооҕо ылларан тиийдэ. Кэргэнэ, оҕолоро, аата, үөрбүттэриэн! Төһө кыайарынан, санааргыы сылдьарын биллэрбэккэ буола сатаата да, кэргэнэ хара маҥнайгыттан кини улаханнык санааргыы-харааста сылдьарын сүрэҕинэн-быарынан сэрэйдэ. Оннук чэйдээтилэр, аһаатылар.

Киэһэ буолла. Куонаан атын аһата ыытан киирдэ. Кыра уола сүүрэн кэлэн: «Аҕаа, миэхэ убайым саатын курдук саа оҥорон биэриэҥ дуо?» – диэтэ. Куонаан талаҕынан ох саа оҥорон биэрэ оҕуста. Оҕотугар оонньуур саа оҥорор эрэ кэмигэр санаатын-оноотун кылгастык умнан ылла. Уолчаана саҥа сааланан үөрэн-көтөн чаҕылыҥныырын көрөн, ис-иһиттэн сылаанньыйан ылла. Оҕолорун барыларын төбөлөрүттэн имэрийэн сыллаталаан ылла.


С этой книгой читают
История о взаимоотношениях с окружающим миром талантливого мальчика, страстно увлеченного литературой. Ситуация, в которую он попал, оказала сильное влияние на его характер, всю дальнейшую жизнь и судьбу.
«Красота – страшная сила, и про это рассказ Найденова. Известно, как воздействовала красота скульптур усыпальницы Медичи, сработанных Микеланджело: посетители забывали час и день, в которые они сюда пришли, и откуда приехали, забывали время суток… Молодая пара осматривает Константинополь, в параллель читая странички из найденного дневника. Происходит и встреча с автором дневника. Он обрел новую красоту и обрел свое новое сумасшествие. На мой взгл
Детские, ностальгические истории, произошедшие с автором в далёком леспромхозном посёлке в семидесятых годах прошлого века.
Избранное – дикий букет, не тронутый жёсткой рукой флориста: проза, поэзия, философия, эссе…Вы любите полевые цветы, поющее разнотравье? Останавливают ли вас жёлтые огни зверобоя и колючий шарм полевого синеголовника? Кружит ли голову ароматами восторга душистый горошек и трезвит ли терпкость вкуса горькой полыни? О чём размышляете, когда ветер гонит мимо вас рыжеющий шар перекати-поля?
Как учить слова? Как проверить своих учеников? Эти вопросы беспокоят учителей иностранных языков и самих учащихся тоже. Перед вами уникальное пособие по закреплению словарного запаса немецкого языка для уровня В1.1.
В книгу входят и выходят весёлые фантастические рассказы и сказки. Юмор белый, юмор чёрный, а порой вообще не юмор, а сумасшествие сплошное! Не для слабонервных!
Сотрудничество между государственными учреждениями и частными предприятиями существует в современной России более пятнадцати лет. Но оно длительное время представляло собой бессистемный, хаотичный процесс, получало противоречивую оценку, а поэтому особого внимания к его анализу со стороны политиков, ученых и практиков не проявлялось за исключением сферы социально-трудовых отношений, где социальный диалог приобрел конкретные институциональные форм
Одной из центральных задач государства является обеспечение равноценных условий жизни на всей территории страны. При этом должны учитываться не только экономические, но и социальные и политические аспекты.Решение этих задач в российских условиях имеет свои особенности. Несмотря на постоянно совершенствуемый механизм финансовых отношений, в том числе помощи регионам, острота противоречий между центром и субъектами Федерации, как и между последними