Егор Неймохов - Сайсары күөлгэ түбэлтэ

Сайсары күөлгэ түбэлтэ
Название: Сайсары күөлгэ түбэлтэ
Автор:
Жанры: Современные детективы | Современная русская литература
Серии: Нет данных
ISBN: Нет данных
Год: 2013
О чем книга "Сайсары күөлгэ түбэлтэ"

Эдэр силиэдэбэтэл дьаныһан туран бутуурдаах дьыаланы арыйарын туһунан ааҕааччы болҕомтотун тардардыы дэтэктиип жанрынан суруллубут сэһэҥҥэ ойууланар. Киирии тылы айымньы сүрүн геройун прототиба – юстиция генерал-майора Макар Яковлев суруйбута кэрэхсэбиллээх.

Бесплатно читать онлайн Сайсары күөлгэ түбэлтэ


Егор Неймохов

Сайсары күөлгэ түбэлтэ

Табыллыбатах күн

Таксист Назар Давидян хара сарсыардаттан табыллыбатах күнэ үүннэ. Гаражка кэлэн, массыынатын саҥардыы көрүнэн эрдэҕинэ, диспетчерскэйгэ ыҥырбыттара. Куруук кинини эйэҕэстик, үөрэ-көтө көрсөр диспетчер Светлана бүгүн тимир-тамыр курдугун тута бэлиэтээтэ, дорообото-дыраастыйа суох, кини кыайан тиийбэтэх аадырыһын квитанциятын үҥүлүтээт, быһа бааччы: «Бэҕэһээ эйиэхэ бэриллибит 6-с сакааһы тоҕо толорботуҥ? Пассажир кэлэн үҥсэ сылдьар, «такси тиийбэтэ, онон сөмөлүөттэн хааллым» диир». Назар Хатыҥ Үрэх даачатыгар пассажирдары илдьибитин, онно көлөһөтө тэстэн уларытаары мучумааннаһан хойутаабытын эҥин быһаарыах буолбута да, диспетчер хайыы-үйэ атын суоппарга хайыһан иһэн киҥинэйбитэ: «Пассажиргын кытта бэйэҥ быһаарыс…»

Назар таксопарка олбуоруттан, туохтан эрэ куотардыы, түргэнник сырылатан тахсыбыта, модун «Волгата» хас биирдии хамсаныытын имигэстик истэриттэн, бөлүүн түспүт хаар сып-сырдыгынан, ып-ырааһынан туналыйарыттан дьэ арыый сэргэхсийэ быһыытыйда, бэл, бу чэбдик салгыны эҕирийээри, аанын сэгэттэ – кутулла түспүт салгыны иҥсэлээхтик ыймахтаата, онтон сабан «лип» гыннарда. Ханныгын да иһин, бэҕэһээ сыыстарда – хаһан да киһи баҕатын ханнарыа суох хачыгырас харчы ымсыыта иэдэттэ. Билигин, дьэ, ити баар… Аны хаалбыт пассажир сөмөлүөккэ борогуонун төлөттөрүөхтэрэ, төлөттөрөллөрө да эрэбил. Республика иһигэр көтөөччү буоллаҕына, син да этэ, арай coҕypyy барыахтаах киһи буоллун? Оччоҕо, дьэ, иэдээн. Бэйэтэ балтараа мөһөөх…

Давидян бэҕэһээ сарсыарда эрдэ куорат иччитэхсийбит киин уулуссаларынан айаннаан иһэрин өйдөөтө. Орджоникидзе болуоссатыгар такси тохтобулугар икки уолу кытта икки кыыс тураллара, бэрт эрдэттэн далбаатаспыттара. Хара тирии сонноох кыыс икки илиитин бокуойа суох сапсыйа-сапсыйа, омунугар, адьас уулуссаҕа сүүрэн тахсыбыта. Aaha барыах курдук санаалааҕа да, туох имнэммитэ буолла, кыыһы аттынан көтүтэн иһэн, тоҕо туормастаабытын бэйэтэ да өйдөөбөтөҕө. Тута төрдүөн саба сырсан кэлэн, аны куотуо диэбиттии, иһирдьэ олорунан кэбиспиттэрэ. Салон иһэ сонно көрдөөх саҥаны сэргэ духуу, арыгы сытынан туолбута.

– Шеф, Хатыҥ Үрэх даачатыгар, – диэбитэ кинини кытта сэргэстэһэ олорбут кыһыл сирэйдээх багдаллыбыт уол. – Атаҕастыахпыт cyoҕa…

Массыынаҕа ыга олорбут дьону холдьохсон да туһа тахсыа суоҕун өйдөөн, итиэннэ кыргыттардаах сылдьар уолаттар үбү дэлэйдик ыскайдыылларын билэр да буолан, Назар тугу да хардарбакка, таксины төттөрү эргитэн, болуоссаты кыйа тэптэрбитэ.

Пааралар, кырдьык, «атаҕастаабат» гына төлөөбүттэрэ, ол кэнниттэн хаарга орохочуйар ыллык суолунан хаамса турбуттара.

Төннөн истэҕинэ, массыыната иҥнэс гыммыта, биир баллонун тыына тахсан хаалбыт этэ. Назар соччо уолуһуйбакка саппаас көлөһөтүн таһаарбыта уонна, багажник иһин одууласпахтаат, caҥa аллайбыта: домкратын бэҕэһээ Семка Сарычев уларсыбыта уонна төнүннэрбэтэх, бэйэтэ да умнан, төттөрү көрдөөбөтөх. Түүннэри күүлэйдиир пааралары, Семка Сарычевы, массыынатын үөхсэ-үөхсэ, киһитэ-сүөһүтэ мэлийбит даача суолугар бэрт уһуннук сыраласпыта. Тэйиччи ыал олбуоруттан уһун төһүү, ыарык, сыттык эҥин мастары аҕалтаан көлөһөтүн уларытан олордуор диэри 6-с сакааһын бириэмэтэ ааспыта. Ол да үрдүнэн Назарга, барбах да буоллар, эрэл кыыма кыламныыра – баҕар, пассажир атын тугу эмэ булан порка киирбитэ буолуо диэн. Онтуката ханна баарый… «Табыллыбатах наар аанньа» диэбиккэ дылы, бэҕэһээ киэһэ аны кэргэнэ: «Дьон бары үчүгэй кыбартыыралаахтар, биһиэхэ эрэ суох, эр киһи бyoлaaxтaaҥҥын, көлөөккүн…» – диэн быһа сулуйан таҕыстаҕа үһү. «Дьиэлэниэхпит-дьиэлэниэхпит, кыратык күүтэ түс, билигин да куһаҕаннык олорор үһүбүөт, оннооҕор бэйэбит «Волгалаахпыт» дии», – диэн кэргэнин өссө эбии сэтэрдибитэ: «Эн «Волгаҕар», бука, олорбоппут буолуо, сайын элээмэтигэр биирдэ эмэ массыыналанан ачыаһырар аата, ол бензинэ, саппаас чааһа хас да тыһыынчаны мэҥиэһиннэ ини…» – кыыһыран, кутуох-симиэх курдук буолан эрдэҕинэ, Назар сонун харбаат, таһырдьа ыстанан куоппута. Тотон өлөн ол-бу буолан эрдэҕин. Өссө «Волга» сириилээх-талыылаах. Маҥнай холбоһоллоругар холоон да хотууска этэ, биир эрэ уларыттар дьууппалааҕа. Билигин саҕынньах үөһэ саҕынньах, биһилэх үөһэ биһилэх, бэргэһэ үөһэ бэргэһэ. Ол тухары хараҕа туолбата. Аны кыбартыыраны баар гына охсуохтаах үһүбүн. Пушкин остуоруйатын эмээхсинигэр дылы…

Назар төрөөбүт сиригэр, күннээх Армениятыгар, кэлиҥҥи кэмҥэ түһээн сотору-сотору тиийэр буолла. Тоҕо эрэ уонна наар биир хартыынаны – хайалартан туман көтөн эрэрин, улаҕата-туората биллибэт Севан уҥуоруттан күн күлүмүрдүү ойон эрэрин уонна күөлгэ түһээри кубалар кылбаҥнаһа дайалларын көрөр. Оттон ону барытын доҕуһуоллуу таас хайалар хаардаах чыпчаалларыттан, улуу күөл үөһүттэн эр киһи күүстээх куолаһынан ыллыыра эҥсиллэр. Назар уһугуннаҕын ахсын: «Чэ, аны биир сыл эрэ үлэлииһибин, ол кэннэ дойдубар барыам», – дии саныыр эрээри, күнтэн күн уруккутунуу аастар ааһан иһэр. Биир эмэ чугас аймаҕа да билигин Арменияҕа суох. Ийэлээх аҕата сэрии кэнниттэн утуу-субуу өлбүттэрэ. Убайа Сурен сэриигэ ыҥырыллан барыаҕыттан ситэ сыл аҥаара aaha илигинэ «сураҕа суох сүттэ» диэн биллэрии кэлбитэ. Назар, кырдьыга, сэрии бүттэҕин утаа убайым тиийэн кэлиэ диэн эрэнэр да этэ… Күн-дьыл субуруһан бар да бар, оттон Сурен суоҕун курдук суох. Назар кэлин эрэ убайа үйэ-саас тухары ханна эрэ кыргыс толоонугар хаалбытыгар итэҕэйдэ… Убайа сэриигэ барарыгар сэттэтигэр сылдьар, ол иһин кинини үдүк-бадык өйдүүр, сулардыы бытыктаах хара киһи өрүтэ анньыалыыра түүл-бит курдук. Сурен баара буоллар, билигин ытык кырдьаҕастар кирбиилэригэр чугаһаабыт дьоһун-мааны киһи буолуох этэ…

Давидян хобдох өйдөбүллэри кыйдаары сирэйин-хараҕын ньуххаммахтаата: «Бэйи, атыны саныахха. Бүгүн хаһыс чыыһыланый? Сэтинньи 1 күнэ. Сотору – бырааһынньык. Дьуһуурустубаҕа бырааһынньык күн хайдах түбэһэрэ буолла. Бээрэ, пассажирбар тиийэн туох диибин? Арай дьиэҕин булбакка муна сырыттым диэтэххэ? Аадырыһын көрүөххэ, мунаах соҕус дьиэ буоллаҕына, инньэ диэн баайсан көрүөххэ дуу…» Таксист иннигэр анньыбыт, били, диспетчертэн ылбыт кумааҕытын тэнитэн: «Депутатскай уулуссата… Оо, Сайсары түгэҕэ эбит… Ол эрээри, 14-с кыбартыыра диэнинэн сылыктаатахха, икки этээстээх дьиэ буолуохтаах, адьас уулусса кытыытыгар, нүөмэрэ ырылыйан турар буолуохтаах. Оччоҕо муннум диир кыах суох…»

Такси Белинскэй уулуссанан Aппa үрдүгэр тиийдэ уонна университет кылаабынай куорпуһун иннинэн Радиоцентр диэки сылыбырайда: «Чэ, улахан иэдээн буолбатах, муҥ уһукка тиийдэххэ, балтараа мөһөөҕү да төлөнүллүө, ону, таптахха, биир-икки күн иһигэр «чэйдииргэ» бэриллэр харчынан сабыахха сөп… Билигин уоскуйуохха, барыта үчүгэй буолуо…»


С этой книгой читают
Кинигэҕэ ааптар саҥа айымньылара киирдилэр.«Эр киһи уонна дьахтар» сэһэҥҥэ уларыта тутуу саҕана учуонайдар уонна билиҥҥи кэмҥэ кинилэр оҕолорун олохторо ойууланар.«Өлүөнэ очуостарыгар», «Төнүн», «Ыалдьыттыы сылдьан», «Маай бырааһынньыгын иннигэр» кэпсээннэр таптал тиэмэтигэр ананаллар.Киинэ сценарийыгар биһиги эрэ буолбакка, өстөөх командованиета кытта кэрэхсээбит Герой Ф.М. Охлопков бойобуой суола кэпсэнэр.Норуодунай суруйааччы 60 сааһыгар тахса
Легкое детективное приключение, наполненное юмором и яркими героями. Максимально несерьезные люди ведут серьезное расследование о пропаже любимого человека.Насколько реально организовать поиски своими силами? Есть ли на это время? Возможно ли написать аннотацию без спойлеров? Прекрасный способ это выяснить, проведя время за увлекательным чтением. По мнению автора аннотации… и книги.
Дедектив – это очень полезная вещь, учит людей жизни. Сейчас очень много молодых семей ведут неблагополучный образ жизни.
Талантливый учёный Марк Лагновский, сам того не желая, получает способность оживлять умерших людей. Это открывает перед ним огромные возможности, но также разъедает его душу.Сразу появляются те, кто хочет использовать Марка, и среди них его лучший друг Борис. Вмешательство в естественный порядок приводит к ужасающим последствиям. Запутавшись и постепенно сходя с ума от своего всесилия, Марк лишается самого дорогого, что у него есть.Сможет ли он в
Игорь, вполне успешный предприниматель, вместе со своей девушкой, теплым июньским вечером, отдыхает в летнем кафе и наслаждается жизнью. Но один необдуманный поступок, совершенный в пылу злости, переворачивает его жизнь. Бизнес «рушится», его родным и близким угрожает опасность, а над ним «нависла» тюрьма. Происходящие странные и ужасные события, заставляют Игоря задуматься о том, что же на самом деле ценно в этом мире. Ну и главная задача – поня
Спустя девять месяцев после расставания с Кириллом судьба случайно дарит главной героине новую любовь по имени Андрей. Любовный коктейль из чувств, романтики и секса опьяняет её разум до нечеловеческой степени, вселяя полную уверенность в то, что это – её мальчик и её любовь всей жизни! Она ещё никогда не держалась за парня такой мертвой хваткой… За что и поплатилась отношениями, выработав ненависть к себе… Бедный парень, он никогда больше не заб
Что там за Пределом? Что поджидает душу, отлетевшую от тела и пустившуюся в путешествие по мрачному миру запределья? Даже в потустороннем мире мы ищем родственные души, и если повезёт, то находим преданных друзей или верных подруг. Неважно, что душа весит всего несколько граммов. Зато она способна вместить в себя знания и опыт прожитой жизни, веру в добро и любовь. Эти качества позволяют добиваться успеха даже там, где бессильны боги. Души героев
«Короче, слушай, Игорёк. Слушаешь?»«Да»,– Игорь отвернулся от окна.«Та-а-а-ак…» «Тот, кто любит прошлое при равнодушном или враждебном отношении к современности. Первая «пэ», третья «эс», последняя «тэ». Восемь букв».
Я обладаю редкой и сильной магией. Таких, как я, ненавидят и боятся. Нас клеймят, чтобы держать под контролем. Ради освобождения от клейма я пошла на опасную сделку, согласилась шпионить за самим сумеречным драконом – правителем Валлории. Я раскрою все его тайны! Главное – не раскрыть ему собственное сердце. А тут еще странная метка появилась на руке. Что значит, я – истинная дракона? Мы так не договаривались!Срочно надо менять внешность и бежать