Д. Михайлов - Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ

Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ
Название: Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ
Автор:
Жанр: Современная русская литература
Серия: Көстүбэт эйгэ кистэлэҥэ
ISBN: Нет данных
Год: 2018
О чем книга "Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ"

Кинигэҕэ Саха сирин араас муннуктарыгар тахсыбыт дьулаан түбэлтэлэр таҥыллан киирдилэр. Хомуурунньук норуот тылынан уус-уран айымньытын кытта ыкса сибээстээх "Түгэх түөлбэ түбэлтэлэрэ" уонна куорат олохтоохторугар киэҥник тарҕаммыт араас кэпсээннэргэ олоҕурбут "Куорат сир кэпсээннэриттэн" диэн икки түһүмэхтэн турар.

Ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар.

Бесплатно читать онлайн Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ


ТҮГЭХ ТҮӨЛБЭ ТҮБЭЛТЭЛЭРЭ

Кутталлаах умуһах

Бу түбэлтэ ааспыт үйэ аҕыс уонус сылларыгар Ньурбаҕа буолбут дииллэрэ. Биир үтүө күн күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэркээн Балыарый уол дэриэбинэттэн тэйиччи соҕус сиргэ бултуу диэн барбыта. Ол баран, кэпсэтии быһыытынан, уруккуттан билсэр уолун үүтээнигэр тиийбит. Дьиэлээх уол эппитинэн, үүтээн умуһаҕар өссө хаһаас арыгы баар буолуохтаах. Айылҕаҕа тахсан, көҥүл салгынынан сайа тыынар үтүө түгэн тосхойбучча, Балыарый, сүргэтэ көтөҕүллэн, уот оттунан, ас тардынан барар. Аһа-үөлэ бэлэм буолан, остуолга олорон көрдөҕүнэ, туох эрэ тиийбэт, итэҕэс курдуга. «Ээ, били аһым итэҕэс эбит дии», – дии санаат, мааҕын дьиэлээх уол эппитин санаан, үүтээн бадыбаалыгар түһэргэ сананан, ойон турар.

Аллара киирэр ааны булан, түһэн иһэн, туохтан эрэ иҥнэн, чыпчылыйыах түгэнигэр умуһах түгэҕэр биирдэ баар буолан хаалар. Саатар аана сабыллан хаалан, ытыс таһынар ыас хараҥа им балай буола түһэр. Балыарый, ойон туран, кыратык сахсына-тэбэнэ түһээт, ыстаанын сиэбиттэн испиискэ ылан уматтан, «абыраллаах» аһын булар, ону кытта, испиискэтэ умуллан хаалар, ол да буоллар, элэс көрөн хаалбытынан муннукка туох эрэ мөһөөччүккэ майгынныыр, өссө хайдах эрэ хамсыырга дылы турар курдуга. Уол иккистээн испиискэтин уматтыбыта, арай, доҕоор, били мөһөөччүгэ дьахтар быһыытын ылынан, улааттар улаатан барбыт, уол, дэлби уолуйан хаалан, биир сиргэ хам хараҕаламмыт курдук туран хаалар. Дьэ, онто отой даҕаны дьахтар буолбатах, уп-уһун маҥхайбыт баттахтаах кырдьаҕас эмээхсин эбит.

Балыарый, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, сүрэҕэ айаҕынан тахса сыһан, эргиллэ биэрээт, тахсар ааны былдьаспыт. Испиискэ умулларыгар көрдөҕүнэ, эмээхсин уол диэки сыҕарыйан иһэр курдуга…

Атаҕын иминэн үктэл устун үөһэ дабайан, үүтээҥҥэ киирэр. Киирээт да, түргэн үлүгэрдик хомуна охсон, түүннэри дьиэлиир.

Бу түбэлтэни итэҕэйиэ суоҕа, бостуой күлүүгэ барыам диэн, дьиэлээх уолга кэпсээбэккэ сананар, ол да буоллар, биир ый ааспытын кэннэ, иккиэн бииргэ түбэһэн бултуу сырыттахтарына, ол кутталлаах түгэни барытын ыраас мууска ууран биэрэн, дууһатын чэпчэтэр. Онуоха ол үүтээн хаһаайына уол отой да соһуйбатах, өссө маннык диэн кэпсиир: «Билигин ити бултуурга тохтуур үүтээн буолан турар дьиэҕэ урут төрөппүттэриниин бары бииргэ олорбут дьиэлэрэ эбит. Оҕо сылдьан, дьиэ умуһаҕар түһэн доҕотторун кытта оонньуур идэлээҕин кэпсиир. Биирдэ тоҕо эрэ түүн киирбиттэр, онно Балыарый кэпсээбит ынырык эмээхсинин көрбүт. Онно баар оҕолор өлө куттанан үөгү-хаһыы бөҕө буолбуттарыгар утуйа сытар ийэлээх аҕата уһуктан кэлбиттэр уонна кинилэр эмиэ эмээхсини илэ харахтарынан көрбүттэр. Кырдьаҕас муус маҥан уһун баттаҕа хараҕар саба түһэ сылдьар эбит, киһи иилэн ылбатынан эгэлгэтэ иһиллибэт туох эрэ дорҕооннору таһааран, саҥара сатыыра үһү. Улахан дьон уолларын уонна кини доҕотторун харбаан ылан, үөһэ тахсаннар, бу алдьархайдаах дьиэлэриттэн куоппуттар. Кэлин олохтоох дьонтон истэн билбиттэрэ, ити дьиэ төрүт олохтоохторун эбэлэрэ төбөтүнэн ыалдьаахтаабыт эбит. Күнү быһа хаһыытаан, саһыгыраччы күлэн, өссө арыт букатын даҕаны таҥаһын-сабын устан кэбиһэр идэлэнэн, дьонун-сэргэтин тулуйар кыахтарыттан таһааран, эбэлэрин ити умуһах иһигэр олохтообуттар. Эмээхсин эрэйдээх никсик сыттаах, хараҥа умуһах сир салгыныттан сыыстаран өр буолаахтаабатах, сотору өлөөхтөөбүт эбит…»

Дьэ ити курдук Балыарый доҕорун дьоно дьиэни атыылаабатахтар, хам-хаадьаа сылдьар, булчуттар тохтуур үүтээн дьиэлэрэ буолбут эбит. Эмээхсин туһунан умнулла быһыытыйбытын кэннэ, бу Балыарый илэ көрөн, ити эргин сирдэргэ дьулаан сурах хос тарҕаммыт. Дьиэ билигин да турар сурахтааҕа, ол эрэн аллара түһэр кирилиэһин көтүрэн, умуһаҕы суох гыммыттар.

Илэ көстүү

Бу түбэлтэ ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар Тааттаҕа буолбут эбит. Биһиги Ытык Күөлгэ, оройуон киинигэр олорорбут, онно дойдубар Уолбаҕа бараары гынабын диэн аймахпыт Сэрэппиин киирэн, бэлисипиэт уларсыбыта. Оччолорго билиҥҥи курдук элбэх массыына суоҕа, эгэ чааһынай көлө кэлиэ дуо, кытайдар курдук, дьон-сэргэ, кырдьаҕаһыттан-эдэриттэн тутулуга суох, бары кэриэтэ бэлисипиэти миинэллэрэ. Биһиги ол кэмҥэ икки бэлисипиэттээх этибит, дьонум Сэрэппииҥҥэ «Уралбытын» уларсыбыттара.

Уолба Ытык Күөлтэн хоту диэки отут үс килэмиэтир тэйиччитэ. Ол саҕана билиҥҥи улахан айан суола суоҕа, бөһүөлэккэ киирэр суол икки алааһы туораан ааһара. Бастакы алаас Өҥөй алааһа диэн. Алааска илин диэки хайысханан киириллэрэ, онтон аллара диэки түһэн, хоту өттүнэн арҕаа тахсан, чөкө соҕус киһи уҥуоҕунан ойуурга киирэн, нөҥүө алааска түһүллэрэ.

Сэрэппиин киэһэлик, күн киирэн эрдэҕинэ, ити алааска тиийэн кэлбит. Киһи уҥуоҕун аттынан айаннаан иһэн көрдөҕүнэ, арай биир дьахтар, киниэхэ көхсүнэн буолан, баттаҕын тараана олорор эбит. Сэрэппиин туох дьиибэ дьахтара куттаммакка, киһи уҥуоҕар кэлэн баттаҕын тараана олордоҕой диэн мөҕүттэ саныыр. Арыый үөһэ тахсан эргиллэн көрбүтэ, бэрт соторутааҕыта куһаҕаннык өлбүт Киристиинэ диэн эдэр дьахтар эбит. Сэрэппиин дьиэтигэр, быһа холоон үс килэмиэтир курдук сири, хайдах тиийбитин да өйдөөбөккө хаалбыт. Олус куттанан, уолуйан сүрэҕэ ыалдьан өлө сыспытын өрүһүйбүттэрэ.

Бу кэнниттэн бокуонньук илэ сылдьан бар дьонун куттаабыта, ол сайын дьон-сэргэ киэһэ таһырдьа тахсалларыттан саллар буолбуттара. Киристиинэ көмүллүбүт сирин туһаайыытынан дьоҕус холорук кэлэн, олорбут дьиэтин хайысхатынан сүтэрэ. Кини дьиэтигэр соҕотох оҕонньор олорбута, ол эрээри бокуонньук түүн ахсын кэлэн дьиэтиттэн холдьохсоруттан, кутталыттан ол дьиэттэн көспүт. Ол сайын мин Уолбаҕа сайылыы сылдьарым, эбэм уулуссаҕа мээнэ оонньото таһаарбата. Киристиинэни ынахтарын хомуйа сылдьар дьүөгэтэ көрсө түспүтүн туһунан кэпсэл баара. Ол кэнниттэн ол дьахтар барахсан уһуннук балыыһаҕа сыппыта.

Өссө дьиктитэ диэн, таһаҕас тиэйэн аҕалбыт нуучча суоппардара дьахтары көрөллөрүн туһунан кэпсииллэрэ. Арай, айаннаан истэхтэринэ, киһи уҥуоҕар эдэр дьахтар баттаҕын тараана олорор үһү. Ону көрөн туох буолбут дьахтарый, куттаммакка киһи уҥуоҕар тахсан баттаҕын тараана олорор диэн сөҕөннөр, олохтоохтортон ыйыталаспыттарын туһунан кэпсииллэрэ.

Ити курдук дьон-сэргэ санаата айманан, олус куттанан олорбуппут. Эбэм олоҕу олорбут, саастаах киһи сиэринэн мөҕүттэрин өйдүүбүн: «Бэйэтин дьаһаммыт киһини дьону кытта биир сиргэ көмпүттэрэ итинник буолла, өссө сулустаан, былаахтаан буолан», – диирэ. Былыр өбүгэ сиэринэн итинник түбэлтэҕэ киһини умса көмөллөрө үһү.

Күн-дьыл баран испитэ, кыһын ааһан, саас буолбута.

Сэрэппиин аҕата Тэрэнтэй диэн кырдьаҕас хомуньуус хорсун санааны ылынан, хас да киилэ тууһу атыылаһан, дьахтар көмүллүбүт буорун үрдүгэр куппут. Туус хаары кытта ууллан буорга иҥиэхтээҕэ…

Дьэ, ол кэнниттэн эрэ кимиэхэ да көстүбэт буолбут.


С этой книгой читают
Народные предания по сей день повествуют о не столь очевидной угрозе для путника – это встречи с различными сверхъестественными существами и зловещими местами. Подобные встречи в большинстве случаев ничем хорошим не заканчиваются…
История о взаимоотношениях с окружающим миром талантливого мальчика, страстно увлеченного литературой. Ситуация, в которую он попал, оказала сильное влияние на его характер, всю дальнейшую жизнь и судьбу.
«Красота – страшная сила, и про это рассказ Найденова. Известно, как воздействовала красота скульптур усыпальницы Медичи, сработанных Микеланджело: посетители забывали час и день, в которые они сюда пришли, и откуда приехали, забывали время суток… Молодая пара осматривает Константинополь, в параллель читая странички из найденного дневника. Происходит и встреча с автором дневника. Он обрел новую красоту и обрел свое новое сумасшествие. На мой взгл
Детские, ностальгические истории, произошедшие с автором в далёком леспромхозном посёлке в семидесятых годах прошлого века.
Избранное – дикий букет, не тронутый жёсткой рукой флориста: проза, поэзия, философия, эссе…Вы любите полевые цветы, поющее разнотравье? Останавливают ли вас жёлтые огни зверобоя и колючий шарм полевого синеголовника? Кружит ли голову ароматами восторга душистый горошек и трезвит ли терпкость вкуса горькой полыни? О чём размышляете, когда ветер гонит мимо вас рыжеющий шар перекати-поля?
Инспектор Сальваторе Монтальбано просыпается от странного сна и обнаруживает перед своим домом на берегу моря труп лошади, который исчезает вскоре после того, как на место прибывают коллеги Сальво. Потом в его доме появляются неизвестные, и инспектор уверен, что эти события связаны.Преданные фанаты Андреа Камиллери и те, кто впервые открывает для себя мир этих невероятных детективов, будут очарованы сочетанием неортодоксальных методов Монтальбано
Больше всего на свете она хочет заслужить прощение любимого мужчины. Его самое большое желание – никогда больше не видеть женщину, предавшую его доверие.Два пути сойдутся в один, и они получат ответ: есть ли жизнь после падения?Продолжение книги "Шаг до падения".Содержит нецензурную брань.
Я дала ему обещание жить дальше. И он ушёл. И я понятия не имею, как сдержать своё обещание и, главное – зачем.
Дочь ведьмы-полицейской Агаты и всеми любимого бабника Марка, из книги "Фея с бубенцами" вопреки родителям, решает связать свою судьбу, как и её мать – с полицией. На помощь ей приходит отец Александры Громовой-Корсак, генерал Громов, который берёт под своё крыло юную Аделину. В юном возрасте маленькая Аделинка потеряла свой дар к ясновидению и стала обычным ребёнком. Но оказавшись на стороне закона, так неожиданно даёт о себе знать. Расследовани