А. Никифорова - Сырдык курус

Сырдык курус
Название: Сырдык курус
Автор:
Жанр: Современная русская литература
Серия: Билиҥҥи кэм прозата
ISBN: Нет данных
Год: 2011
Другие книги серии "Билиҥҥи кэм прозата"
О чем книга "Сырдык курус"

«Ким эрэ этиэҕэ кинилэр улугуруу кэмин оҕолоро диэн. Оттон биһиги бэйэбит ону ылыммаппыт. Биһиги икки тутул уларыйыытын быыһык кэмин түһүүтүн-тахсыытын эппитинэн-хааммытынан билбит, үөрэххэ социализм бириэмэтигэр киирэн баран, капитализм тыына биллэн эрэр букатын атын кэмҥэ бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэммит дьикти дьылҕалаах көлүөнэ буолабыт. Бу сэһэн биһиги көлүөнэбитигэр ананар…».

Үс кыыс ол уустук кэмҥэ тус суолларын-иистэрин булуналлар, түһүүлээх-тахсыылаах олох очурун-чочурун тоһуурдарыттан мүччү көтөллөр, тапталы, дьолу көрдүүллэр.

Бесплатно читать онлайн Сырдык курус


Быыһык кэм сааскы дьыбардара

Умнуллубат онус кылаас, бастакы таптал дьикти сааһа, Сэргэлээх уоттара… Доҕотторбут барахсаттар… Олох диэн дьикти айан аргыстара… Ити темаларга хас көлүөнэ аайы бэйэтэ суруйааччылардаах, история Аал Луук Маһыгар быспыт кэрчик кэмнэрдээх. Бу кинигэ эмиэ Таптал, Эдэр саас, Үтүө санаа, Көҥүл, Кырдьык туһунан.

Саха олоҕу анааран көрүүтүнэн туох барыта икки өрүттээх: үчүгэй куһаҕана суох буолбат, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат. Үтүө уонна мөкү сиэттиһэ сылдьаллар. Иитии диэн киһи мөлтөх өрүттэрин кыана туттарын, үтүө өттүн үүннэрэргэ баҕалаах, дьулуурдаах буоларын ситиһии буолар. Онуоха удьуорунан бэриллибит утум хаан дьайыытын ким да кыһыйан кэбиһэр кыаҕа суох. Төһө да олох очурдара атыйахтаах уу курдук дьалкыйан, үөһэ-аллара бырахталлар, төрүт уус киһи санаата уһун, көхсө киэҥ буолан түөрэҕэ түҥнэстибэт, арҕаһыттан тэһиинин мүччү ыһыктыбат.

Саха төрүт итэҕэлэ үөрэтэринэн, «үтүө киһиэхэ дьылҕа хаан дьолу өлүүлээн хаалларар» диэн сүрүн санааны саҕар бу кинигэ автора Айталина Никифорова.

Кинигэ арыйар историческай кэмэ – биһигини тургутар быыһык бириэмэ сыллара. Кинигэ геройдара – үөлээннээхтэрбит, Саха сирин араас улуустарын олохтоохторо. Били кытайдар этэллэринии, быыһык кэмҥэ олорор диэн алдьархай, таҥара ону эрэ биэрбэтин. Оттон биһиэхэ биэрбит. «Быста-быста салҕанар, өлө-өлө тиллэр» олох стратегиялаах саха омук билиҥҥи көлүөнэтигэр. Онно, дьэ, ким уйана-хатана, бөҕө оҥоруулааҕа, утумнаабыт майгыта-сигилитэ, саҥаны сатабыллаахтык ылынара барыта – олох тургутуутун этинэн-хаанынан күөн көрсүү сытыы кылыс охсуулара, охсуһуулара – бу кинигэ умсугутуулаах кэпсээнэ.

1986 сыл. Балыырдаах айдаан ааспыта 25 сыла туолла. Сэргэлээх студеннарын баттаммыт-атаҕастаммыт абаларын-саталарын ой дуораана дьылҕа кылын кирсин тыҥатан эдэркээн тапталы үрэйбитэ. «Ким кыахтаах – ол байыҥ» диэн үүнэ-тэһиинэ суох барыы элбэх саха ыччатын суорума суоллаабыта, мөкү дьаллыктарга тэппитэ. Советскай тутул суостаах сууллуутун содула үгүс үлэһит дьону тэмтэриппитэ, «демография кириэһин» күлүгүнэн сабардаан, кырдьаҕастары түргэтэппитэ, ыччаты түптээх ыал ийэтин-аҕатын олоҕуттан огдолуппута.

Маннык үйэлэр кирбиилэригэр бүрүүкээбит быыһык кэм көстүүлэрин туһунан сахалыы сайаҕас тылынан иһирэхтик, баары баарынан көрдөрөр айымньылартан бу кинигэ, арааһа, биир бастакылара буолуо.

А.К. Никифорова – республикаҕа биллэр номоҕон тыллаах-өстөөх, хорутуулаах өйдөөх-санаалаах, көнө майгылаах суруналыыс. Киниэнэ барыта дьүөрэлээх, барытыгар нэмин булан, ааҕааччыга итэҕэйэн, этиллибэтэҕи да өйдөһөр кэпсэтиигэ ыҥырар. Аныгы суруйар дьахталлар айымньыларын ис хоһооно кинилэр ис туруктарын тургутуу курдук ылыныахха сөп. Айталина Никифорова идэтийбит дьоһуна, сиппит-хоппут айар дьоҕура дьүөгэлии истиҥ-иһирэх, ийэлии сүбэһит, оҕолуу аһаҕас. Ону ылынан киниэхэ дьүөрэлэһэ сатыыргын кинигэ ааҕа олорон билинэҕин.

Кинигэни уугар-хааргар киирэн, барытын бэйэҥ олоххун кытта сыһыары тутан, холобурдаан, ылынар-ылыммат мөккүөргэ ааҕа олордоххуна бүтэ охсо хаалбытын өйдөөбөккө да хаалаҕын. Оннук умсугутуулаах. Бэлиэр доҕордоспут, сэһэргэспит, өйдөспүт кыргыттарыҥ мөссүөннэрин кинигэ чараас хаҕа саба тардан кэбистэ. Сырдык курус кууһа хаалла, сүрэххэ сөҥнө.

Саҥа кинигэни күүтэ хаалабын… Саҥа сырдык куруһу…

Ульяна Винокурова,

социологическай наука доктора, Ил Түмэн 1993–2001 сс. народнай депутата

Сырдык курус

Күн сирин көрдөрбүт, күннээх оҕо сааһы бэлэхтээбит, очура суох эдэр сааһы биллэрбит,

олоххо бигэтик үктэннэрбит, ийэ муҥура суох тапталын толору ыймахтаппыт

тапталлаах ийэбэр Мария (Валентина) Андреевна Багдасаеваҕа аныыбын


Сааскы ылааҥы киэһэ. Күн, саҕахха саһыан баҕарбатахтыы, кытархай сардаҥаларынан тугу эрэ эрэннэрэрдии, инники барыта кэрэ, үүт тураан буолуоҕар итэҕэтэрдии, ыһыахтана оонньуур. Салгыҥҥа түптэ унаар буруотун минньигэс сыта дыргыйар. Үчүгэйиэн! Аайа ис-иһиттэн дуоһуйан, үөрүөх-көтүөх санаата киирэн кэллэ. Бүгүн ийэтиниин олох-дьаһах комбинатыгар cакаастаан тиктэрбит муус маҥан, мааны да мааны былаачыйатын ылан кэлбиттэрэ. Кыыс, хоһугар киирэн, кичэллээхтик ыйанан турар былаачыйатын ыскааптан таһаарда. Солко таҥас, сөрүүнүнэн илгийэн, кыыс чараас тириитин имэрийэргэ дылы. Аайа былаачыйатын эмиэ кэтэн көрүөн баҕарда. Халаатын устан элитэн баран, муостаҕа соһуллар үүт маҥан былаачыйатын сэрэнэн кэтэн, сиэркилэҕэ тиийдэ. Уһун хойуу баттаҕын санныгар намылыта ыста. Кини иннигэр хойуу хаастаах, чоҕулуччу көрбүт арылхай хара харахтаах, сып-сырдык сэбэрэлээх кэрэчээн бэйэлээх кыыс тургутардыы көрөн турар. Кыыс күлүгэр биллэр-биллибэттик мичээрдээн ылла. Онтон үҥкүүлээн эргичиҥнээн барда. Кыараҕас хоһо биирдэ кэҥээн, бүтүн дыбарыас саалатыгар кубулуйда. Кыыс, Наташа Ростова бастакы баалыгар үҥкүүлүүрүн хараҕар оҥорон көрөн, хоһун биир гына вальстаан эргичиҥнээтэ.

– Аайа, выпускнойгар да кэппэккэ сылдьан, былаачыйаҕын киртитэн кэбиһээйэҕин, – ийэтин сымнаҕас куолаһа иһилиннэ.

– Маама, бэйэбэр наһаа барар дии? – кыыс ийэтин иэдэһиттэн сыллаан ылла.

– Чэ, чыычаах, устан ыйаан кэбис, – ийэтэ кыыһын диэки сымнаҕастык көрөн кэбистэ. «Аҕабыт кыыһа таҥара табатын курдук кэрэ буола улааппытын көрөрө буоллар, төһө эрэ үөрэр этэ» диэн санаа охсуллан, эдэр дьахтар өрө тыынан ылла.

Эргэ мас оскуола бүгүн мэктиэтигэр сырдаабыкка, кэҥээбиккэ дылы. Үрүҥ лыах курдук таҥныбыт кыргыттар көтө-дайа кустуктаналлар, бу ураты күн долгуйан имнэрэ тэтэрэн, ситэн-хотон, эдэр саас эрчимэ хааннарыгар оонньоон, кэрэтийэн да көстөллөр! Уолаттар, үрүҥ сорочкаланан, хаалтыстанан, саҥа көстүүм кэтэн, эмискэ боччумура түспүттэр. Оҕо саастарыттан салла үөрэнэн хаалбыт дириэктэрдэрэ эмиэ биллэ долгуйбут көрүҥнээх, бэҕэһээҥҥэ диэри мөҕө-этэ сылдьыбыт бэйэтэ бүгүн оҕолорун кытта тэҥнээҕин курдук кэпсэтэр. Төрөппүттэр оскуола спорт-саалыгар тардыллыбыт уһун остуол тула ас тардан түбүгүрэллэр.

– Аайа, кэл эрэ, биһиги кылааспытыттан Маша суох дии. Туох буолбута буолла? – кыргыттар идэлэринэн кыра кылаастан салайтара үөрэнэн хаалбыт дьүөгэлэригэр сүүрэн кэллилэр.

– Машаҕа дьиэтигэр баран кэлиэх. Лера, Света миигин кытта барсыҥ, —кыыс дьаһайда.

Кыргыттар, сиргэ соһуллар үрүҥ былаачыйаларын өрө тардан баран, Советскай уулусса устун буору бурҕатан, Маша дьиэтигэр тэбиннилэр. Тохтоло суох сүүрүүнэн, аҕылаан-мэҥилээн кэлэн, ааны дохсуннук тоҥсуйдулар. Эппиэт суох. Аайа ааны тардыбыта, аһаҕас эбит.

– Маша, бааргын дуо? – сырдыктан эмискэ хараҥа көрүдүөргэ киирбит кыргыттар тугу да арааран көрбөттөр.

Арай, түгэх хоско кимнээх эрэ ботур-ботур кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Кыргыттар, куттаммыттыы дук-дах туттан, хос диэки бардылар.

– Маша, биһиги кэллибит. Кылаастан эн эрэ суоххун. Туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо? – Аайа сэрэнэн хоһу өҥөйөн көрдө. Маша оронугар умса түһэн ытыы сытар эбит. Аттыгар ийэтэ кыыһын ааттыы сатыы олорор.


С этой книгой читают
Кинигэҕэ ааптар саҥа айымньылара киирдилэр.«Эр киһи уонна дьахтар» сэһэҥҥэ уларыта тутуу саҕана учуонайдар уонна билиҥҥи кэмҥэ кинилэр оҕолорун олохторо ойууланар.«Өлүөнэ очуостарыгар», «Төнүн», «Ыалдьыттыы сылдьан», «Маай бырааһынньыгын иннигэр» кэпсээннэр таптал тиэмэтигэр ананаллар.Киинэ сценарийыгар биһиги эрэ буолбакка, өстөөх командованиета кытта кэрэхсээбит Герой Ф.М. Охлопков бойобуой суола кэпсэнэр.Норуодунай суруйааччы 60 сааһыгар тахса
История о взаимоотношениях с окружающим миром талантливого мальчика, страстно увлеченного литературой. Ситуация, в которую он попал, оказала сильное влияние на его характер, всю дальнейшую жизнь и судьбу.
«Красота – страшная сила, и про это рассказ Найденова. Известно, как воздействовала красота скульптур усыпальницы Медичи, сработанных Микеланджело: посетители забывали час и день, в которые они сюда пришли, и откуда приехали, забывали время суток… Молодая пара осматривает Константинополь, в параллель читая странички из найденного дневника. Происходит и встреча с автором дневника. Он обрел новую красоту и обрел свое новое сумасшествие. На мой взгл
Детские, ностальгические истории, произошедшие с автором в далёком леспромхозном посёлке в семидесятых годах прошлого века.
Избранное – дикий букет, не тронутый жёсткой рукой флориста: проза, поэзия, философия, эссе…Вы любите полевые цветы, поющее разнотравье? Останавливают ли вас жёлтые огни зверобоя и колючий шарм полевого синеголовника? Кружит ли голову ароматами восторга душистый горошек и трезвит ли терпкость вкуса горькой полыни? О чём размышляете, когда ветер гонит мимо вас рыжеющий шар перекати-поля?
Спустя девять месяцев после расставания с Кириллом судьба случайно дарит главной героине новую любовь по имени Андрей. Любовный коктейль из чувств, романтики и секса опьяняет её разум до нечеловеческой степени, вселяя полную уверенность в то, что это – её мальчик и её любовь всей жизни! Она ещё никогда не держалась за парня такой мертвой хваткой… За что и поплатилась отношениями, выработав ненависть к себе… Бедный парень, он никогда больше не заб
Что там за Пределом? Что поджидает душу, отлетевшую от тела и пустившуюся в путешествие по мрачному миру запределья? Даже в потустороннем мире мы ищем родственные души, и если повезёт, то находим преданных друзей или верных подруг. Неважно, что душа весит всего несколько граммов. Зато она способна вместить в себя знания и опыт прожитой жизни, веру в добро и любовь. Эти качества позволяют добиваться успеха даже там, где бессильны боги. Души героев
Сегодня, в столь печально значимый для меня день, я решила поделиться с вами своей историей, тем самым отпустив прошлое, дабы дать дорогу светлому будущему. Прошло уже достаточно времени для того, чтобы отпустить его, я чувствую, что готова. Чувствую, что пришла пора взять себя в руки и начать жить, а не существовать. А ещё… мне это нужно для того, чтобы я не потеряла последнего дорогого моему сердцу человека, ради которого готова взять себя в ру
Одри села на байк незнакомого альфы в надежде, что тот унесёт её прочь из рутины осточертевших будней. Весёлый, пьяный вечер закончился кошмаром: ей пришлось спасаться вплавь, через залив, полный голодных хищников. Но только ли их ей стоит бояться? Истинный хищник уже вышел на охоту.